Перевод с якутского
кустуктан
туохтуур
Нууччалыы показаться (о радуге) или светиться радугой
1 туохтуур #
Халлааҥҥа ардах кэнниттэн кустук буолан көһүн эбэтэр кустук өҥнөнөн көһүн (туох эмэ кустуктан атыны этэргэ)
Нууччалыы Показаться (о радуге) или светиться радугой
Үрдүк халлаан имэ оонньуур Үрүҥ көмүс кустуктанна. Күннүк Уурастыырап Москва, прожектор сарыалынан кустуктан! Эллэй
2 туохтуур #
Тэбэнэттээх, көрдөөх, сытыы-хотуу, чобуо буол (эдэр дьон, үксүгэр кыргыттар тустарынан)
Нууччалыы Быть игривым, веселым, бойким (о молодых людях, преимущественно девушках)
Күлэ-күлэ куота көтөн Кустуктана оонньуугун, Хамсыыр сырдык, көрдөөх төлөн Кууспахтыырын курдуккун Н. Дьяконов