ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кутуу

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы чай для одной заварки

Ис хоһооно · 8

1 аат тыл #

Биирдэ көөнньөрөр чэй

Нууччалыы Чай для одной заварки

  • Үс-түөрт бытыылка арыгыны, аҕыйах баайыы сэбирдэх табаҕы, кутуунан үллэстэргэ кээмэйдээх кирпииччэ чэйи -- боччунан, Байаҕантай кыыһа айаҥҥа турбута
    П. Филиппов
  • Абааһы бухатыырын Тоҕус хос кутуу куйаҕын Тоҕута сынньан -- Ким биһигини Киһи-Сүөһү оҥоруой?!!
    П. Ойуунускай

2 аат тыл #

т. -х. Оҕуруокка, бааһынаҕа, ходуһаҕа ууну куттаран ньүөлсүтүү, сиигирдии

Нууччалыы Полив, орошение огорода, пашни, луга

  • Манна оҕуруокка мэхэниичэскэйдик уу кутуу үчүгэй уопута баар
    П. Егоров
  • Кутуу суол бүтэрин кытта массыынабытыттан түһэн сатыы бардыбыт. Хорсуттар с

3 аат тыл #

Бытархай эттиктэр кээмэйдэрэ, биирдэ ытыһан ылыы (хол., туораах бурдугу суорунаҕа кутаары)

Нууччалыы Горсть как единица меры (напр., зерна при помоле на жерновах)

  • Хачыгыр аҥаар илиитинэн чабычахтаах бурдугун сиксийэн көрбүтэ: алта уон биэс кутуу бурдук баар эбит
    Эрилик Эристиин
  • Биһиги түбэбитигэр кэпсээҥҥэ киирэр бөдөҥ соболоох улуу күөл суох. Уонна көрөр-истэр, кутуу балыгы үөскэтэр киһи суох буоллаҕына, дьара күөллэр балыктара имири эстиэхтэрэ
    Кыым

4 аат тыл #

Өрөбөлүүссүйэ иннинэ: буруйу оҥорууну эбэтэр саакка киллэрбити толуйар иһин бэриллэр төлөбүр

Нууччалыы В дореволюционное время: плата за нанесенный материальный или моральный урон

  • Хайа, доҕоор, Мин кутуу кутаары гынабын. Миигиттэн төһө көрдүүр Киһи олороруҥ буолуой?
    Саха фольк

5 аат тыл #

Ууллубут металы пуормаҕа, халыыпка түһэрии (туох эмэ оҥоһугу ылаары)

Нууччалыы Отливка, литье расплавленного металла в форму (для получения какого-л. изделия)

  • Көмүс кутуута уустук үлэ, уус эрэ барыта сатаабат

6 даҕааһын #

Ханнык эмэ металтан кутан оҥоһуллубут

Нууччалыы Литой (из какого-л. металла)

7 даҕааһын #

Буору, кумаҕы, үнтүркэй тааһы кутан томтотуулаах (үксүн суол туһунан)

Нууччалыы Засыпанный землей, песком, гравием (обычно о дороге)

8 даҕааһын #

Биир күөлтэн атын күөлгэ илдьэн кутан үөскэтиллибит (балык, үксүн собо туһунан)

Нууччалыы Разведенный путем переноса из одного озера в другое (о рыбе, в основном, о карасях)

«К» буукуба