Перевод с якутского
куһуок
аат тыл
Нууччалыы отрезанная, отрубленная часть чего-л. (мяса, хлеба, сахара и т. д.); кусок
1 аат тыл #
Туох эмэ быһыллыбыт, тойуллубут сороҕо, лоскуйа (эт, килиэп, саахар о. д. а.)
Нууччалыы Отрезанная, отрубленная часть чего-л. (мяса, хлеба, сахара и т. д.); кусок
Натаа, эт буһаран илдьээри, омуһахха таҕыста. Тахсан көрбүтэ - баара эрэ үһүөйэх куһуок орпут.
Суорун ОмоллоонКилиэп минньигэс куһуогун айахпар угабын, ону эн үлэҥ быйаҥа дии саныыбын. Т. Сметанин Баһылай оҕонньор, биир куһуок тары биэрдэҕинэ, онон оҥойон-чоҥойон барыа суох этэ дии саныыбын МНН
2 аат тыл #
Миэтэрэнэн таҥас түрбэтэ
Нууччалыы Отрез, рулон ткани
Ньукулай оҕонньор хаҥас диэки баран, хасыһан-хасыһан биир кирпииччэ чэйи, биир куһуок сиидэһи таһаарар.
КүндэМикииппэрэп кинээс дьонноро буутунан табаҕы, куһуогунан таҥаһы тиэйэ-тиэйэ, илин-арҕаа эргинэ көтүтэллэр М. Доҕордуурап
3 аат тыл #
Чэйи кытта бэриллэр ас (арыы, чохоон, лэппиэскэ, килиэп, буспут эт о. д. а.)
Нууччалыы Еда, закуска, подаваемая с чаем (масло, лепешка, хлеб, варенье, мясо и т. п.)
Хайа, куһуогуҥ? Мин, бу да буолларбын, куһуога суох уу чэйи аска холуйааччым суох ээ. А. Софронов Тоҥ чохоон уонна сойбут куобах этэ куһуоктаах остуол тардан, чэйгэ ыҥырда. Амма Аччыгыйа Чэй куһуога буолан кэлбит эт биһиэхэ арыгытааҕар быдан күндүркэйэн көстүбүтэ Н. Заболоцкай