ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыабака

аат тыл

Нууччалыы часть тела человека, животного ниже пупа

1 аат тыл #

I аат. Киһи да, харамай да иһин түгэҕинэн өрөҕөтө

Нууччалыы Часть тела человека, животного ниже пупа

  • Кытах-кытах сирдэр Кырса кыыл Кыабакатын түүтүн курдук Кыһыл күөх кырыстаннылар
    Өксөкүлээх Өлөксөй

2 аат тыл #

II аат. Үксүн кыһыл, үрүҥ көмүс, алтан тиэрбэстэртэн тиһэн оҥоһуллубут иилэҕэс киэргэл быа (сыап)

Нууччалыы Декоративная цепь из золота, серебра и других металлов. [Боссоойко] хаҥас хоонньуттан үрүҥ көмүс кыабака быалаах чаһытын таһааран хаппаҕын арыйан көрдө

  • ПНИ ДКК
    ПНИ ДКК

3 этии #

Нууччалыы Серебряные подвески в несколько рядов, длиной почти до земли, украшающие кожаные трусы невесты

  • Кыабака симэҕэ аат., бэй. туһ. Үрүҥ көмүс, алтан тиэрбэстэн тиһэн оҥоһуллубут, кыыс кылгас тирии сыалдьатын илин өттүнэн хас да кэккэнэн сиргэ тиийэ намылыйан түһэр иилэҕэс киэргэл быа Түүлээх түһэххэ тиийэргэ Түөс симэҕэ төлөрүйдэ, Өттүк симэҕэ Өһүлүннэ, Кыабака симэҕэ Кылырҕаата, Бытырыыстаах мыаннарык Быстыахха айылаах буолла.
    П. Ойуунускай
  • Кыыс барахсан кыбыстар-кистэнэр күндү симэҕэ кыабаката кылырҕаата, өттүк симэҕэ өһүллэн, чылыр гына түстэ.
    Д. Апросимов
  • Ол кыабака симэҕэ кийиит сүктэн кэлиитигэр, дьиэҕэ киириитигэр, боруокка охсуллуохтааҕа, онон кини киһи быһыытынан ырааһын туоһулуохтааҕа. БИГ ӨҮөС

«К» буукуба