ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыайар

аат тыл

Нууччалыы дьявол, черт, сатана

1 аат тыл #

түөлбэ, кэпс. Абааһы, үөдэн, сатана (күлэн-оонньоон, үчүгэйи сөҕөн, сороҕор үөхс. курдук тут-лар)

Нууччалыы Дьявол, черт, сатана (употр. как бран., шутл., иногда с оттенком восхищения и удивления)

  • Хаһан эрэ баскыһыанньа кыайар кэлэн сынньатар.
    Суорун Омоллоон
  • "Сүөһүнү балачча сылыктыыр эбит ээ бу түөкүнүҥ: сааһын да сабаҕалыыр, эмиһин да эндэппэккэ билэр, тыаҕа үөскээбит кыайар быһыылаах", - оҕонньор Симоны элэккэй хараҕынан тургута көрдө.
    Л. Попов
  • Хайа, бу кырдьаҕаһы [эһэни] кыайбыккын дуу? Эмис да кыайар эбит. Хантан бултаатыҥ? Тумарча. Таняҥ кыайар куолаһа да үчүгэйэ бэрт эбит
    В. Яковлев

2 этии #

Кыайар бөҕө кыайан - дьиҥ-чахчы кыахтаах буолан баһыйда Билиэннэйдэр гимнастеркалара, ыстааннара, ойу-хайа тардыллыбытынан, сирэйдэрэ, түөстэрэ хаан хахтаммытынан сылыктаатахха, кыайар бөҕө кыайан манныкка тиксибиттэр чинчилээх. Хас да аптамаат уоһа кинилэри туһаайбыт. Софр. Данилов.

Нууччалыы Одолеть кого-л. имея потенциальное превосходство, превосходить кого-л. в силе

Этиилэр

Кыайар хаан кыайда көр кыайар бөҕө кыайан

  • "Олох киһи буолбатах, илэ абааһы", - диир Тимир Саппыкы Суоппуйа туһунан. "Ону кыайар хаан кыайан аҕаллаҕа дии", - дэһэ-дэһэ, атыттар [бандьыыттар] күлсэн алларастаһаллара.
    Д. Таас
  • Сэргэҕи кытта Ленин аатынан сопхуос Айдаан диэн соноҕоһо бэркэ хатыһан сүүрдэ. Айдаан дистанция былаһын тухары хаалбакка сырытта эрээри, кыайар хаан кыайда. "Кыым"

«К» буукуба