ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыараҕастык

Нууччалыы не широко, узко

Ис хоһооно · 6

1 #

сыһ

  • Кыыс уоһун харыстаабыт курдук кыараҕастык аһан, үп-үрүҥ тиистэрин бытыгыратан көрдөрө-көрдөрө тугу эрэ сүһүөҕэ суоҕунан саҥаран сылыбыратта.
    А. Софронов
  • Бөрөм айаҕын бэрт кыараҕастык атан ырдьаҥныыр эрэ буолла.
    Т. Сметанин
  • Кыбытыы курдугунан кыараҕастык симириктии көрбүт мөлтөх харахтаах, малайбыт кэтит сирэйдээх оҕонньор
    П. Ядрихинскай

2 #

Киэҥник буолбакка, кыратык

Нууччалыы Не широко, узко

3 #

Дэлэйдик, киэҥник буолбакка, симсэн

Нууччалыы Тесно, скученно

  • Дьобуруопаҕа омук-омук Одурууннаах дьорҕоотторо, Ордук үөрэхтээхтэрэ Олус үөскээн хаалан Олуона кыараҕастык Олороллор эбит.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Куорат кытыытыгар бэрт элбэх киһи олус кыараҕастык олорор самналлыбыт эргэ дьиэтин киэһэтигэр биһиги арыычча буллубут
    Амма Аччыгыйа

4 #

Тиийиммэттик, дьадаҥытык, эрэйдээхтик

Нууччалыы Бедно, убого, в нужде

  • Хата ийэҕин баран аҕал. Кырыымчыктык, кыараҕастык Олороро буолуо, баҕар
    И. Чаҕылҕан

5 #

Киэҥник буолбакка, бэтэрээнэн, тутахтык (өйдөө)

Нууччалыы Недальновидно, узко (понимать)

  • Оччотооҕу историческай усулуобуйаҕа -- дьол уонна үтүө олох туһунан кыараҕастык былыргылыы өйдүүллэрэ. ССЛИО. Кыараҕастык өйдүүр дьоннор биһиги кэммит туспаларын булан, таба сыаналаабыт курдук саныыллар уонна киһи майгыта-сигилитэ кэмтэн тутаахтаах дии саныыллар. Л. Толстой (тылб.)

6 #

Биирдэ эмэтэ, аҕыйахтык, дэҥҥэ

Нууччалыы Редко, ограниченно (использовать)

  • Долган, Дьэһиэй сахаларын тылларыгар холбуу түһүк өссө кыараҕастык туттуллар
    ВИП СТПС
  • Киэҥэ суохтук, чопчу. Θ Узко (определять). Төрөөбүт, кытарах ынахтары араартаан ыаһын (раздой) сыахтарын тэрийэн пиэрмэлэри кыараҕастык идэтитиэххэ наада.
    Далан
  • Натурализм, кыараҕастык ыллахха XIX үйэ иккис аҥаарыгар Францияҕа баар буола сылдьыбыт литературнай сүүрээн. ВГМ НСПТ. Кыараҕастык идэтийии биир форматынан биир бородууктаны оҥорон таһаарыы тус-туспа сүһүөхтэрин хабар салаа иһинээҕи идэтитии буолар
    ЭБТ

«К» буукуба