Перевод с якутского
кыаһаан
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы железные украшения-подвески на одежде шамана, издающие звякающие звуки
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Ойуун таҥаһыгар иилиллэр тыастаах тимир киэргэллэр
Нууччалыы Железные украшения-подвески на одежде шамана, издающие звякающие звуки
Кыаһааннара кылырдаан, күҥэһэ, ойбон тимирдэрэ килбэҥнэһэн, дүҥүрүн охсуута улааттар улаатан, тиҥийэн-таҥыйан киирэн барар. Күннүк Уурастыырап Куругар кыаһаан курдук иилиммит элбэх күлүүстэрэ кылырдаабытынан киирэн кэлбитин оҕолор төгүрүйэн кэбиһэллэр. Амма Аччыгыйа Дүҥүр иҥиэттэр курдук, кыаһааннара чылыгыраамахтаатылар И. Гоголев
2 аат тыл #
Туохха эмэ кырыа мууһуран чопчуласпыта; сүөһү кыламаныгар, түүтүгэр мууһурбут таммахтар
Нууччалыы Сосульки; комочки инея на ресницах, усах, шерстке животных
Дьыл оҕуһа Чэҥ муус саҥынньахтаах, Болгуо муус муруннаах, Кыаһаан муус кыламаннаах. Саха фольк Быыкаа балаҕан кулуһун сабыылаах чаампытын үрдүгэр онон-манан кыаһаан муустар үөскээбиттэр. Күннүк Уурастыырап Олбуор айаҕар муус кыаһаан буолбут дьаам аттара илбириһэн тураллар. Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
Күнүһүн ириэрэр. Дьиэлэр кырыысаларыттан таммахтар "чол-чол" тохтоллор, түүнүн муус кыаһаан буола тоҥоллор И. Федосеев
3 даҕааһын #
Кыһыллыҥы хара бараан (сирэй өҥүн туһунан)
Нууччалыы Смуглый с румянцем (о лице)
Бэрт нарын, ис киирбэх баҕайы кыаһаан дьүһүннээх кыыс. Л. Попов Сэкирэтээр хоһугар кииртим - кыаһаан хааннаах кыыс остуолга умса түһэн тугу эрэ суруйан сурдурҕатар. С. Федотов Кини көстөр дьүһүнүнэн маҥана да суох, харата да суох, көннөрү кыаһаан ис киирбэх киһи ВВМ
4 этии #
Кыаһаан чуллуку - майаҕас балык улаханынан алта көрүҥҥэ араарбыттарыттан биир көрүҥэ
Нууччалыы Один из разновидностей сига по величине