ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыаһылаа

туохтуур

Нууччалыы связать ноги человеку, чтобы обездвижить, или скотине, чтобы ограничить свободу передвижения

1 туохтуур #

Киһини эбэтэр сүөһүнү атахтарын холбуу баайан хамсаабат эбэтэр ыраах барбат оҥор

Нууччалыы Связать ноги человеку, чтобы обездвижить, или скотине, чтобы ограничить свободу передвижения

  • Кээрэкээн ол ыты тутан, тумсугар томторук кэтэрдэн, түөрт атаҕын түүрэ кыаһылаан кэбиспит.
    Амма Аччыгыйа
  • Ынах ыанарыгар тэбиэлэнэрин иһин атахтарын кыаһылаары, быа ыла кыһыҥҥы хотонноругар барар.
    Н. Якутскай
  • Ыт уола, мин атахпын кыаһылыы тураҕын буолбат дуо! Акаарыа, Манчаары атаҕын баай! Софр
    Данилов
Өссө холобурдар (1)
  • бэй. туһ. Тимир сыабы, хандалыны кэтэрт (хол., хаайылаахха). Θ Сковать железными цепями в кандалы (напр., узника, каторжника). Константин дьону аҥаардас кымньыынан таһыйан, сыабынан кыаһылаан уонна буруйдаан өлөрөн эрэ бас бэриннэрэр кыаллыбатын өйдүүрэ
    КФП БАаДИ

2 туохтуур #

Тугу эмэ гынаргын боҕус, буомнаа, көҥүлгүн тууй, адаҕа, мэһэй буол

Нууччалыы Сковывать, лишать свободы, связывать по рукам и ногам

  • Максим илиитин-атаҕын кыаһылаабыт кэнэн санаа оргууй төлөрүйэн, улам холкутуйан истэ.
    Н. Лугинов
  • Олох эрэйэ-кыһалҕата, тиийиммэт-түгэммэт буолуу кинини хам кыаһылаабыта.
    И. Федосеев
  • Өстөөх биһигини сэриилээн буулдьа, миинэ ардаҕынан типтэрэн, инники диэки хамсаппат гына кыаһылаата
    Н. Кондаков

«К» буукуба