ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыдьымах

аат тыл

Нууччалыы шуга, мелкий рыхлый лед, появляющийся в реках во время весеннего ледохода или осенью до ледостава

1 аат тыл #

Өрүс саас эстэригэр, күһүн турарыгар устар бытархай, көбдөркөй муус

Нууччалыы Шуга, мелкий рыхлый лед, появляющийся в реках во время весеннего ледохода или осенью до ледостава

  • Өр-өтөр буолбат, өрүс эстэн, мууһун үлтү кумалаан, үөһэ-аллара түһэртээн, намыһах арыылары үрдүлэринэн таһыйтаан, кыдьымаҕын уһаарар.
    Н. Якутскай
  • Сааскы өрүс уутугар кыдьымахтар аймана усталларын курдук, арҕааттан халлаан оройунан быстах былыттар айманаллар.
    Эрилик Эристиин
  • Өлүөнэ кыдьымаҕа үксүүр, бэйэ-бэйэлэригэр силимнэһэ тоҥуталаан, улаатан түөлбэ-түөлбэнэн бытааннык сыылан усталлар
    ХС
Өссө холобурдар (2)
  • Күһүнүн өрүскэ өрө күөрэлэммитинэн, бачымахтаммытынан тоҥмут муустар. Θ Ледяная глыба, торосы. Өрүс киэҥ үөһүгэр бачымахтаспыт кыдьымах муустара, сыгынньах дьэҥкир түөстэригэр күн чаҕылын түһэрэн, күндү чөмчүүк таастыы көҕүрүмтүйэ сандаарыҥныыллара. Софр. Данилов. Муустар -- өрө күөрэлэнэн тахсан кыдьымахтары үөскэтэллэр. СПН СЧГ. Биһиги Өлүөнэ сүнньүнэн айаннаан иһэбит. Кини киэбин толору хайа баҕарар диэки өттүнэн сүүнэ муустар - олохтоохтор ааттыылларынан "кыдьымахтар" - адаарыһан тураллар.
    В. Короленко
  • Ср. бур. хайрмаг 'шуга'

2 этии #

Кыдьымахтаах кымыс - оргутуллубут арыы кутуллубут кымыһа Кулут уолаттар-кыргыттар кыдьымахтаах кымыһы чорооҥҥо кута-кута аҕалаллар. Ньургун Боотур. Самаан сайын салаллан, саймаарыйан турдаҕына: "Кыдьымахтаах кымыһы Кыллырҕаппыт киһи!" - диэҕэ. Урсун. Анды сымыытын курдук Аллыр-баллыр арыылаан Кырылыы көөнньүбүт Кыдьымахтаах кымыһы [куттулар]. П. Ойуунускай

Нууччалыы Кумыс, заправленный растопленным маслом

«К» буукуба