Перевод с якутского
кыйахаммыттык
кыйахаммыттыы диэн курдук. "Эн тугу билэҥҥин?" - диэн кэбиһэрэ кини кыйахаммыттык. Н. Заболоцкай "Хайа, иччитэх дьиэҕэ киирэн турабыт дуу, тугуй?!" - номнуо кыйахаммыттык ботугураата ыалдьыт. ХС "Мин көрдөһөбүн дуу!" - дии түстэ Денисов. Кини уруккутунуу эрчимнээхтик уонна омуннаахтык саҥарыан баҕарбыта, дьиҥэр, солуута суох кыйахаммыттык иһилиннэ. Л. Толстой (тылб.)