ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыймаҥнаа

туохтуур

Нууччалыы извиваться, вилять

1 туохтуур #

дьүһ. туохт

  • Кыймаҥнаатарбын да, кылбаҥныыбын, муунньаҥнаатарбын да, дьэрэкээн ойуулаахпын дэнэр баар үһү (тааб.: эриэн кыыл). [Ыт] байааттаҥныы-байааттаҥныы хааман кыймаҥныыр.
    Амма Аччыгыйа
  • Тороев көрдөҕүнэ, бу токуйа хаппыт эмээхсин тииһэ бараммыт айаҕыттан кыһыл чиэрбэлэр кыймаҥныы тохтор курдуктар.
    Л. Попов
  • [Кыыс Ньургунтан] Кыһыл, эриэн үөннэр Кытарар уот хараара өһүөр диэри Кыймаҥныы тохтон түстүлэр
    ТТИГ КХКК

2 туохтуур #

Эриллэҥнээ, өҕүллэҥнээ

Нууччалыы Извиваться, вилять

3 туохтуур #

Хамсаа-имсээ, эймэҥнээ (биир сиргэ элбэх ким-туох эмэ мустан)

Нууччалыы Двигаться, шевелиться не переставая, собравшись толпой, сбившись в кучу (о людях, животных)

  • Өстөөхтөр хаптайаллар, онтон эмиэ кыймаҥнаан, эймэнэн киирэллэр.
    Н. Кондаков
  • Баһаарга тобус-толору дьон мунньустан кымырдаҕас уйатыныы кыймаҥныыллара. Н. Островскай (тылб.)

«К» буукуба