ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыйыдый

туохтуур

Нууччалыы дуть сильнее, становиться холоднее

1 туохтуур #

Эбии күүһүрэн тыалыр, тымный (халлаан туһунан)

Нууччалыы Дуть сильнее, становиться холоднее (о погоде)

  • Кырдьаҕастар тыллара-өстөрө быйыл хобдох. Кураан сайын иһэр, сааһын эрдэ аҕалан баран, халлаан түүннэри-күннэри кыйыдыйан сииги мэлиттэ дэһэллэр.
    У. Нуолур
  • Кыһын тыалынан-кууһунан кыйыдыйан кэлэр.
    А. Кривошапкин
  • Тымныы оҕус буолан орулуур, Тыына оргуйар, бурҕачыҥныыр. Тыал кыыһыран кыланар, кыйыдыйар, Тула хаары ыһар. Ытыйар. Н. Тарабукин (тылб.)

2 туохтуур #

Кыйаханан, улам улаханнык кыыһыран тур

Нууччалыы Сердиться, злиться сильнее; распаляться, возмущаться

  • "Сатана баара... " - диэн Аянитов тииһин быыһынан сыыйан, ис-иһиттэн кыйыдыйан сибигинэйдэ. Софр. Данилов. "Сарсыҥҥы диэн суох!" - Баһыкка ити тыллары Кирилэ хайдах эрэ ис-иһиттэн кыйыдыйан эппитин санаата.
    ХС
  • Магдьали бастаан ымманыйан, онтон кыйыдыйан этиитин дьоно чуумпуран истэннэр таалан турдулар
    ХС

«К» буукуба