ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кылбаччы

сыһыат

Нууччалыы чисто-начисто

1 #

сыһ

  • Остуолга кылбаччы сотуллубут буолускай сылабаар күрэҥ паарынан өрүтэ тыыммахтыыр. Софр. Данилов. Биир сарсыарда турбутум: бэҕэһээ инчэҕэйгэ дэлби тэпсибит саппыкыларым, кууран баран, кылбаччы ыраастанан хаалбыттар.
    Н. Кондаков
  • Эргэ сайылык дьиэлэрин чугаһыгар хонуу саҕатыгар кылбаччы устуруустаммыт бөдөҥ мастардаах саҥа сүүнэ улахан дьиэ тутулла турар
    ЭК

2 #

Ып-ыраастык, кылбайан көстөр гына

Нууччалыы Чисто-начисто, до блеска, чтобы сияло

3 #

Адьас, букатын

Нууччалыы Совершенно, совсем, наотрез (напр., отказаться)

  • Кини адьас кылбаччы мэлдьэһэргэ, Чүөчээскини балыйарга санаммыта.
    Суорун Омоллоон
  • Охоноос да эрэт "Оҥорон" кэбиһиэ, Кырдьыгы да күөрэт - Кылбаччы мэлдьэһиэ.
    П. Тобуруокап
  • Арбатскай сэрэйбитин курдук Кылбановскай кылбаччы куотунан тахсыбыта
    В. Яковлев

«К» буукуба