Перевод с якутского
кылдьыы
аат тыл
Нууччалыы дужка, кольцо
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Солуур, чаанньык атын да иһит дугаҕа маарынныыр тутааҕа
Нууччалыы Дужка, кольцо (ведра, чайника и др. посуды)
Солуур бэйэтэ тимирэр, кылдьыыта тимирбэт үһү (тааб.: киһи өллөҕүнэ аата хаалара). [Тордуйатын оҥорон] бүтэрэн баран, уу сомсон таһаарда да, уотун үрдүгэр кылдьыытыттан ыйаан кэбистэ.
Суорун ОмоллоонОмскай баксаалыгар кураанах солуурчахпын кылдьыытыттан туппутунан -- тиэтэйэн тиэрэ-маары дайбаан истэхпинэ, кэннибэр -- сахалыы хаһыы иһилиннэ. Софр Данилов
2 аат тыл #
Туох эмэ төгүрүгү эргийэ барар дьирбии, ии
Нууччалыы Узкая полоса вдоль чего-л. круглой формы, оправа
Саллааттыы киччэччи кырыттарбыт төгүрүк төбөлөөх, кылдьыыта суох таастаах ачыкылаах аҕамсыйбыт кылаабынай быраас. Софр. Данилов. Күөх нуурал байҕал Кырыы кылдьыытыгар Көтөр кынаттаах бииһэ Көччөхтөөн көтөр Сараан ааһар сирэ эбит П. Ядрихинскай Халлааҥҥа көстөр сырдык төгүрүк ии, хаймыы. Θ Ореол вокруг небесного тела. Арҕаа саҕахха кылайа киирэн эрэр күн үөһэ кылдьыыта кылбайан көстөр. Н. Якутскай Сандалас халлааным кылдьыыта Саһарҕа уотунан кырбаста Дьуон Дьаҥылы
3 аат тыл #
Халтаһа сурааһына, харах биитэ
Нууччалыы Складки на верхних веках
Кырыылардаах тумустаах Кылдьыылардаах харахтаах Кыһыл дыабаҥ атахтаах [Кыталык кыыл]. Күннүк Уурастыырап Утуйумуна уонна бу үлүгэр бурҕаҥнас буортан ол сытыы харахтар кылдьыылара кытарымтыйбыт С. Федотов
4 аат тыл #
Дьахтар моонньугар кэтэр үрүҥ көмүс киэргэлэ, онно илин, кэлин кэбиһэр ыйанар
Нууччалыы Серебряная гривна с прикрепленными к ней в виде украшения пластинами
Аҕыс улуу удаҕан Аллараа сыҥаахтарын уҥуоҕа Кылырҕаабыт-халырҕаабыт Кылдьыыларыҥ ханналарый?
Суорун ОмоллоонМин күбэй хотун ийэкэм Сүктэн-бохтон кэлэригэр Илин-кэлин кэбиһэрдээх Эйэргэстээх кылдьыытын Кэриэс киэргэл симэҕин Эйиэхэ бэлэх биэрэбин. П. Ядрихинскай Сылгы далын ортотугар турар чаллаах хатыҥ төрдүгэр биир үрүҥ көмүс мөҥүрүк кылдьыыны уонна үрүҥ көмүс кириэһи көмпүт. ХС
Өссө холобурдар (1)
Ср. тюрк. кылдьы, кылчы 'дужка, ушко и котла'
5 этии #
Нууччалыы Золотые или серебряные серьги в виде кольца
Кылдьыы ытарҕа - төгүрүк тиэрбэс курдук быһыылаах көмүс ытарҕа Трошкаҕа хаар маҥан баттахтаах, уҥа кулгааҕын эминньэҕэр кыһыл көмүс кылдьыы ытарҕалаах, кырдьаҕас шахтер кэлэр. Н. Якутскай Хапкаан кылдьыыта - хапкаан кыылы хабар дугалыы быһыылаах чааһа. Θ Дужки капкана. Хапкаан кылдьыытын тэрэпиискэнэн эрийэр ордук, оччоҕо кини булт атаҕын тоһуппат. ТСКБ. Хапкаан тылын уонна кылдьыытын чараас гына хаарынан, курупааскы куорсунунан, таба түүтүнэн сабаллар. Булчуттарга к