ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыллырҕат

туохтуур

Нууччалыы издавать булькающие звуки, характерные при глотании жидкости

туохтуур

Убаҕаһы (ууну, арыгыны) иһэн "кылк-кылк" гына тыаһат

Нууччалыы Издавать булькающие звуки, характерные при глотании жидкости

  • Петр Бакланов графины моонньуттан харбаан ылбыта да, иһэн кыллырҕаппыта.
    Н. Якутскай
  • [Балыыһаҕа] оҕонньорум олус аһанньаҥ буолан сордоото, түүннэри туран мотуйар, тугу эрэ иһэн кыллырҕатар, айаҕа чамыргыыр, сыпсырыйар.
    Н. Габышев
  • Дьүөгэтэ аҕалан биэрбит ыстакааннаах уутун утаппыттыы иһэн кыллырҕатта
    В. Ойуурускай

«К» буукуба