ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кылыс

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы старинное якутское холодное оружие с односторонней заточкой, похожее на нож, большее размером,

English sword

Ис хоһооно · 7
I

1 аат тыл #

бэй. туһ. Быһа охсорго, дьөлө кэйэргэ аналлаах быһах курдук эрээри уһун тимирдээх, уктаах былыргы саха сэриитин сэбиргэлэ

Нууччалыы Старинное якутское холодное оружие с односторонней заточкой, похожее на нож, большее размером, (разновидность палаша)

  • Онно Бэрт Хараны кэнниттэн ситэн кэлэн ат күөнүнэн түҥнэри астаран, баһын кылыһынан быһа охсон өлөрүөхтээх эбитэ үһү.
    Саха фольк
  • Аҕатын тэллэҕин анныттан сытыы кылыһы сулбу тардан ылан, икки бухатыыры бастарын быһыта кэрдэттиир. Саха ост. II. Былыргы саха саабыла курдук кылыс диэн бэрт сытыы быһахтаах буолара үһү
    НСА ПШЯП
  • Кылыыһыт бэрдэ Кылыс дыгый оҕо миэхэ баар.
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (4)
  • Вася уон алталаах дьороччу улаатан эрэр бэрт сытыы, кылыс уол буолла.
    Д. Токоосоп
  • Эрэ, наһаа кылыс киһи, бултуу сылдьан, бааһырбыт лөкөй тайах муоһуттан өлбүтэ
    Н. Түгүнүүрэп
  • Кимтэн-туохтан да чаҕыйбат чобуо, сытыы-хотуу. Θ Весьма бойкий, шустрый, не робеющий ни перед кем-чем-л. Бүгэн сыппыт бүтэй Бүлүү Кындыа, кылыс кыргыттарын кыталыкка тэҥнээн өрүү Соҕуруубун умнабын.
    В. Сивцев
  • Кылыс кыыс кылыкын Күлүүтэ, саҥата... Омун уол ордоотун Дуорааннаах сатата
    В. Миронов

2 даҕааһын #

Эт-сиин өттүнэн сайдыылаах, тэтиэнэх сытыы

Нууччалыы Физически развитый, сильный, ловкий

3 аат тыл #

Сытыытык, бэргэнник этиллибит (тыл туһунан)

Нууччалыы Острый, остроумный (о слове). [Даарыйа эмээхсин] сытыы кылыс өс хоһооннорунан, тыл дэгэттэринэн икки атахтаах араас дьиэктэрин курбуулаталыыр

  • [Күн Дьирибинэ] мэнээк өрө күүркэйбэккэ эрэ тугу эмэ сөбүлүү истибэтэҕинэ биир эмэ кылыс тылынан саба охсон кэбиһэрэ.
    ХС
  • Болгар омуктар, көрдөххө син дьон курдук дьон эрээри, сытыы кылыс тыллара, элэктэрэ-хаадьылара аан дойдуга туохха да холооно суох диэн буолар
    ХС

4 аат тыл #

Сытыы, олус күүстээх (үксүн тыал туһунан)

Нууччалыы Резкий, пронзительный (обычно о ветре)

  • Сааскылыы хатан дьыбардаах түүн буолла, кылыс тыал сирэйбин быһыта кырбыыра.
    В. Чиряев
  • Кылыс тыал уот буруотун эрийэн сирэйбин саба үрэр. Нэртэ. Тымныы кылыс тыал [саллааттар] саҕаларыгар, ырбаахыларыгар хаары симэр.
    С. Алексеев
  • Ср. др. -тюрк. кылыч 'однолезвийный меч, палаш'; тюрк. кылыч 'сабля'
II

5 аат тыл #

, бот

6 аат тыл #

Бурдук куолаһыгар сиэмэ аайыттан киистэ кылын курдук тахсар хатыы; бурдук кыла

Нууччалыы Ость. Куоластаммыт дьэһимиэни кылыстары сиэтэҕинэ сүөһү айаҕа бааһырар. САБСБ. Баһыкка хаҥас ытыһын хаптаҕайынан куоластар өрө дьөрбөлөспүт кылыстарын имэрийэн эрэрдии таарыйан, үүммүт бурдугу ойоҕолоон истэ. "ХС"

7 этии #

Нууччалыы Поспевать, созревать, прорасти (об ости злаковых растений)

  • Кылыс ас - үүнэн сит, кылыстан (үксүн туораахтаах культуралар тустарынан) Дьара хочотугар киһи чугас эргининэн көрбөтөх үчүгэй бурдуга тахсан, саҥа кылыс анньан эрэрэ.
    Н. Якутскай
  • Хартыына түгэх өттүгэр -- кылыс аспыт сэлиэһинэй бурдук бааһынатын сорҕото уонна хотон таһыгар бөдөҥ эбириэн ынахтар көстөллөр.
    А. Фадеев
  • Кылыс от бот. - биир умнастан уһуктаах төбөлөөх сытыы кырыылардаах уһун хаптаҕай сулумах сэбирдэхтэрдээх, бадарааҥҥа, сииктээх сиргэ үүнэр, сүөһү аһылыга буолар от. Θ Кормовая трава, растущая на болотистой местности, с твердыми узкими и длинными листьями, осока. [Сылгылар] аһылыктара манна [туундараҕа] саамай үүнүүлээх бэрдьигэс диэн уу ото уонна салаата суох, хаптаҕай, икки өттө биилээх кылыс от.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (2)
  • Ити эн кыыллыыр Омоон ийэтин ууһун дьадаҥылара соппоҥ, кылыс оттоох Харыйа үрэҕэр үүрүллүбүттэрэ.
    Күндэ
  • Кумах сиргэ үөскээбит күөллэр оннуларыгар куурбут алаастарга үксүн сөкү, кылыс оттор үүнэллэр, сирэ дулҕаланар. ПАЕ ОС. Кылыс түү зоол. - үүтүнэн иитээччилэр уһун дороххой уонна бөҕө түүлэрэ. Θ Длинный и жесткий волос у млекопитающих. Дороххой уонна бөҕө кылыс түү кырпа түүнү уонна тириини харыстыыр. ББЕ З. Кылыс хараҥаччы зоол. - Саха сиригэр дэҥҥэ көстөр барабыайдыҥылар этэрээттэригэр киирсэр хараҥаччы биир көрүҥэ (атыннык "дэриэбинэ хараҥаччыта" диэн ааттыыллар). Θ Редко встречающийся в Якутии вид ласточки из семейства воробьиных; касатка. Кылыс хараҥаччы куолаҕар уонна түөһүгэр туора харатыҥы дьураалаах буолар

«К» буукуба