Перевод с якутского
кылыы
аат тыл
Нууччалыы насторожка
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
, бэй. туһ. Былыргы булт тэриллэрин: айаны, сохсону иитэргэ туттуллар үксүн сылгы кылыттан оҥоһуллубут синньигэс утаһын (ону кыыл таарыйда да, булт тэрилэ эстэр)
Нууччалыы Насторожка (тонкий шнур из конского волоса для настораживания старинных орудий охоты: самострела или пасти, при касании к-рого срабатывает установка)
Аҕылыы-аҕылыы Айатын аччаччы тарта, Кыҥыы-кыҥыы Кылыытын кыбытта, Хаарынан хайда, Хардыытын сабынна. А. Софронов [Сэмэн кырдьан] садырыыннаах чолбон ырбата саһылы-бэдэри кылыыны мииннэрэ охтороро ахсаабыт, халты хадьырыйан ааһар буолуталаабыт. Амма Аччыгыйа Бэрэбинэлэр анныларыгар туора тардыллыбыт сигэ талахха эттэр хам кэлгиллэн тураллара. Ити сохсо кылыыта этэ И. Федосеев
2 этии #
Нууччалыы Держать камень за пазухой; подсиживать кого-л., ждать момента, чтобы подставить кого-л., чтобы навредить
Кылыы(тын) кэтээ (кэтэс) - киһиэхэ өстүйэн, кини туох эмэ сыыһаны оҥорорун, алҕаһыырын, мөлтөөн-ахсаан биэрэрин кэтэһэ сырыт Начальник уонна кылаабынай инженер тыл тылбытыгар киирсибэккэ, атааннаһа, кылыыбытын кэтэһэ -- сылдьар буоллахпытына, хайдах кэлэктиип биир сомоҕо буолан, үлэ-хамнас тэрээһиннээх буолуой? В. Протодьяконов Табаарыс Чокуурап, эн мин кылыыбын кэтии сылдьаргын билэбин. С. Ефремов Биэрэ онтон ыла Кэтирииһи: "биирдэ эмэ үчүгэй аҕайдык түбэһиннэрбит киһи баар ини" - диэн кыһыйа-абара, кылыы кэтэһэ сырытта. НС ОК. Кылыытын таарый - улаханнык долгут, өрүкүт, дууһатын уһугуннар. Θ соотв. задеть (затронуть) за живое, наступать на (любимую) мозоль. Оо, ити дьон дууһаларын кылыытын таарыйбыт киһи баар ини. Оччоҕо, бука, утуйан олоруо суох этилэр. Г. Нынныров
Өссө холобурдар (5)
Чараас кылыытын таарыйтаран дьиибэтик мөҕүл гына хамсаабыт сүрэхпэр аптаах сылаас ньүөлүйбүтэ. П. Аввакумов Кини сүрэх-быар биир кылыытын таарыйдаҕына, атыттары эмиэ доргутары сатыыра.
И. ТургеневКылыыны үктээ - ким эмэ буруйдаары, түбэһиннэрээри кэтии сылдьарыгар түбэһэн биэр. Θ Попасться на чей-л. крючок, сторожку. "Эмиэ сатамматах дууһабын! - кимиэхэ эрэ туһулаан эппиттии, доргуччу саҥаран бэйэтин сэмэлэннэ Ыларов. - Айа кылыытыгар үктээн иһэбин!" Р. Баҕатаайыскай Оттон Тордуох уола Килимиэн, эдэр сааһыгар хаартыга умньаммыт эрэйдээх, Сэбиэт эристиин кылыытын үктүүрэ чахчы. П. Аввакумов Тоҕо хобуоччулар кылыыларын үктээтэ. М. Лермонтов (тылб.)
3 этии #
Кылыылаах сохсо (паас) булт. - ойоҕос эркиннэрэ тоһоҕолору сиргэ кэккэлэччи саайталаан оҥоһуллубут сохсо (паас) Оттон кылыылаах сохсо оҥоһуутугар ордук аҕыйах мас наада буолар, бу маннык сохсо хаарга оччо типтэримтиэтэ суох. Булчуттарга к. Кылыы үтэр - 1) булт. кыыл суолун туораабакка эрэ айа кылыытын тардарга, кылыы үрдүгүн кэмнииргэ уонна айаны, булчут суолун көстүбэт гына хаарынан сабарга туттуллар күрдьэхтии быһыылаах тэрил (холо уонна кэнтик анньар диэн икки суолтан турар). Лопатообразное орудие, при помощи которого устанавливается высота и натягивается насторожка самострела поперек тропы зверя, не переходя ее. Кылыы үтэринэн айатын көстүбэт гына көмөн кэбистэ; 2) зоол. - ынах сүөһү илин, кэлин атахтарын саамай синньигэс иҥиирдэрэ. Самое тонкое сухожилие у скота на передних и задних ногах. Кыл Күөмэй кыыс оҕус кылыы үтэрин саллан сиэри гыммыта, оһох буора этигэр сыстыбытын ыйыстан, харан, өлөн хаалла. Саха ост. I
Нууччалыы Пасть, у которой боковые стенки состоят из ряда колышков, вбитых в землю
4 аат тыл #
, спорт. Аҥаар атаҕынан төһө кыалларынан ыраах ойон уон-уон икки туоска түһүү (сахалыы атах оонньуутун биир көрүҥэ)
Нууччалыы Прыжки в длину на одной ноге на десять-двенадцать меток (вид якутской национальной спортивной игры)
Ыстаҥа, кылыы, куобах билигин спортивнай күрэхтэһиилэр биир суол сүрүн көрүҥнэрэ буоллулар. ЧМА ЯНПИД. Ордук тэнийбитинэн атах оонньуулара буолаллар: кылыы, ыстаҥа, куобах, буур, быа көтүүтэ. ЧМА ЭТНББ. Кылыыга киһи бөҕө мустубут этэ. Улуус бастыҥ кылыыһыттара уон икки туоска түһэ сылдьаллара ХС
5 этии #
Нууччалыы Метка для каждого прыжка спортсмена (раньше использовали бересту, а теперь - всякие подручные материалы)
Кылыы туоһа спорт. - кылыы хас биирдии ойуутугар сөп түбэһиннэриллэн ууруллар бэлиэ (урут туос буолара, билигин тоҕоостоох ханнык баҕарар матырыйаал тут-лар) Сөрүүн буоларын кытта ыччаттар мустан оонньообутунан бардылар. Бастаан кылыы туоһа уурулунна. Болот Боотур Кыһалҕата суох, сыл кэрдииһэ Кылыы туоһун курдук ааһар. Д. Апросимов Былыр, үгэс курдук, биир алааска хас да сайылык баар буолар. оччоҕо кылыы туоһа хомуллубакка, оонньуу киэһэ аайы салҕанан барара үһү. ЧМА ЭТНББ