Перевод с якутского
кымырдаҕас
аат тыл
Нууччалыы муравей.
English ant
1 аат тыл #
Моонньунан, иһигэр, икки сиринэн олус синньиир, алта атахтаах, үксүн хара дьүһүннээх, буортулаах кыра үөннэринэн-көйүүрдэринэн аһылыктанар, дьукаахтаһан күргүөмүнэн олорор, күүстээх сыҥаахтаах быыкаа харамай
Нууччалыы Муравей. Көөртүм - сүүнэ баҕайы кымырдаҕас кэлэн атахпын ытырбыт эбит. Суорун Омоллоон. Биир уйа кымырдаҕас сайын устата үс мөлүйүөн -- буортулаах үөнү уонна кинилэр гусеницаларын, сымыыттарын хомуйар. И. Сосин. Өскө кымырдаҕас уйатыгар эймэҥнэс буоллаҕына, самыыр түспэт. ДьСИи. Ср. туркм. диал. кымырсҕа; шор. кымырташ; кирг., узб. кумурска 'муравей'
2 этии #
Кымырдаҕас уйатын тоҕо тарпыт курдук буол - туохтан эмэ өрүкүйэ-аймана сүүр-көт (элбэх дьон туһунан) Сэрии саҕаламмытын истээт, дэриэбинэ иһэ кымырдаҕас уйатын тоҕо тарпыт курдук буолла. Тэҥн. Тигээйи уйатын тоҕо тарпыт курдук; тураах уйатын тоҕо тарпыт курдук
Нууччалыы Взбудоражиться, приходить в тревожно-беспокойное состояние (о толпе, массе людей)
3 этии #
Нууччалыы Разновидность узора, изображающая муравья с высоты
Кымырдаҕас ойуу (орнамент) иск. - кымырдаҕаһы үөһэттэн көрүүгэ маарыннатан оҥоһуллубут ойуу Кымырдаҕас, тордуйа, тыҥырах ойуулаах өттүк симэҕэ (көмүс буолар). БСИ ЛНКИСО. Өскөтүн муостан аттаах киһини оҥорбут буолуҥ, кини таҥаһын, атын киэргэлин, чаппарааҕын саахымат, үс муннуктаах, иилэҕэс, төгүрүк уонна кымырдаҕас орнаменнары хас биирдиилэрин хос-хос хатылаан уруһуйдаан ойуулуугут. ПСН УТС. Кымырдаҕас уйата - кымырдаҕастар олорор сирдэрин сир үрдүнээҕи өттө: от-мас сыыһынан, үөн-көйүүр хаҕынан о. д. а. бугул курдук оҥоһуллубут оргул. Θ Муравейник. Халаачык бугул саҕа кымырдаҕас уйалара хаар анныттан чөмчөрүһэн олороллор. Амма Аччыгыйа Сайын тыаҕа тахсан иккиэн [Тыгырыана уонна эһэ оҕото] отонноон, сугуннаан сииллэр, кымырдаҕас уйалаах сири кэрийэллэр. Болот Боотур Мас аттыгар кымырдаҕас уйата түбэстэҕинэ, кини эмиэ хотуну, соҕурууну көрдөрүөн сөп. КЗА АҮө. Кымырдаҕас хайаҕа көр хайах