Перевод с якутского
кымыстан
кымыстаа I 1 диэнтэн атын. туһ. Титииктэр кэтэхтэригэр кымыстанар биэлэр иҥэрсийэн аймаһыйаллар. М. Доҕордуурап. Санитарнай хамыыһыйа үрдүкү тэрилтэлэргэ туруорсуутунан, сайын устата отут биэни тутан кымыстаммыта. "Кыым"
кымыстаа II 1 диэнтэн бэй. туһ. Дьуһуурунай чугаһаан иһэр хараабы көрөн баран бэйэтин итэҕэммэккэ түһээтим дуу диэн, бэйэтин кымыстана-кымыстана одууласпытын кэпсээбитэ. ХС Дубов ыараханнык аллара намылыйбыт хойуу бытыгын кымыстана-кымыстана, киэһэни быһа саҥата суох олордо. А. Фадеев (тылб.)