Перевод с якутского
кып
туохтуур
Нууччалыы выкрасть, стянуть какую-л. мелочь, которую можно схватить одним движением
1 туохтуур #
, кэпс. Үксүн кыраны, киһи биирдэ илдьэ барарын, биллэрбэккэ ыл, уор
Нууччалыы Выкрасть, стянуть какую-л. мелочь, которую можно схватить одним движением
Манна биһиги дьоммут уорбаттар. Хата, ити ааһан иһэр ол-бу быртахтар кыбар идэлээхтэр. С. Никифоров Уопсай дьиэҕэ бэл мин мааныга кэтэр былаачыйабын кыппыттара. ХС Соторутааҕыта пиибэ собуотугар уонна иис баабырыкатыгар утаа-сабаа кыралаан кыбар дьон тутулуннулар Кыым
2 этии #
Нууччалыы Стянуть, стащить (украсть) какую-л. мелочь (проворно, искусно)
Кып гыннар - тугу эмэ, кыраны, сылбырҕатык, сатабыллаахтык сойбот, уор Ити кыһыл бытык собулҕаны булбут суор курдук халаатыыр. Түүлээҕи кып гыннаран баран, буору да симэриттэн айыыргыа суоҕа. И. Гоголев Биһиги ортобутуттан, хайабыт да иһигэр киллэрбэтэх биир киһиргэс, оттомо суох, онуоха эбии кыралаан кып гыннара сылдьарын сөбүлүүр саллаат баара. ВА. Гаврош -- битириинэҕэ сытар лоскуй мыыланы кып гыннаран ылаары, парикмахерскай иһин кэтээбитэ. В. Гюго (тылб.)
3 #
ааһын күүһүрдэр эбиискэтэ, кы-, кыы- диэн саҕаланар олохторго сыстар: кып-кыараҕас, кып-кыра, кып-кыҥкынас, кып-кыһыл
Нууччалыы Препозитивная усилительная частица прилагательных, присоединяемая к основам, начинающимся кы-, кыы-: кып-кыараҕас "узенький, слишком узкий", кып-кыра "очень маленький, малюсенький", кып-кыҥкынас "тоненький, очень тонкий (о голосе)", кып-кыһыл "красный-прекрасный"
Оскуолабыт - кыыкынаан аһыллар кып-кыараҕас ааннаах саха балаҕана. А. Бэрияк Чүөмпэ түгэҕэр муох быыһынан кып-кыра собо оҕолоро, күөнэх, мунду үлүгэр туох да кыһалҕата суох -- дьырыбынаһа сылдьыбыттара.
КүндэКини бөлүүн утуйбакка, хараҕа кып-кыһыл буолбут, сирэйэ дарбайа иһэн хаалбыт. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
Кыталыктар олус үчүгэйдик ыллыыллар, -- саҥалара кып-кыҥкынас буолар. Улуро Адо (тылб.)