Перевод с якутского
кырыар
туохтуур
Нууччалыы покрыться инеем, заиндеветь
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Кырыанан бүрүлүн
Нууччалыы Покрыться инеем, заиндеветь
От-мас чоҥкуйа кырыарар, мутук булгу тоҥор. Н. Якутскай Дьиэ иһэ тымныы, эркин, куул бүрүөһүннээх түннүктэр араамалара кырыарбыттар. Н. Габышев Тиэргэн ото туртаччы кырыарбыт А. Федоров
2 туохтуур #
Этиҥ сааһа муус, кырыа буол (тоҥоруллубут эт, балык туһунан)
Нууччалыы Заиндеветь, заледенеть насквозь, покрыться изнутри ледяными кристалликами (о мясе рыбы, домашних животных)
Илимтэн таһаарыллыбыт балыгы төбөтүттэн уонна кутуругуттан ылан мускуйа түһээт, мууска быраҕан тоҥоруллар. Итинник тоҥордоххо балык кырыарбат ТИИ ЭОСА
3 туохтуур #
Маҥан өҥнөн, маҥхай (кырыа курдук)
Нууччалыы Седеть, побелеть (о волосах)
Уолан уол буолан, оргуйа дибилийэ сылдьаҥҥын, чанчыгыҥ кырыарбытын, илин тииһиҥ дьалкыйан хаалбытын билбэккэ хаалаайаҕын! Амма Аччыгыйа Сүрэх мөлтөөтө, баттах кырыарда И. Эртюков
4 туохтуур #
Итии, истиҥ сыһыаҥҥа дьоҕура суох буол, тоҥуй тымныы сыһыаннаах буол
Нууччалыы Утратить способность к теплым, искренним отношениям; охладеть к кому-чему-л. (в силу каких-л. причин)
Дьай хара батталга таҥнары баттатан Кыыс оҕо сүрэҕэ кырыарбыт, чоҥкуйбут. Күннүк Уурастыырап Оҕонньор кута-сүрэ ол курдук дойдутун туһугар чоҥкуйа кырыарбыт эбит Л. Попов