Перевод с якутского
кытаат
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы стать твердым, жестким; усиливаться, крепнуть
1 туохтуур #
Кытаанах, күүстээх, чиҥ, хаҕыс буол
Нууччалыы Стать твердым, жестким; усиливаться, крепнуть (напр., голос)
Маайа, хара балыыртан абаккаран, хараҕын уута кууран хаалар, куолаһа кытаатар. Н. Якутскай Тыал эмискэ үлүгэр кытааппыта, хаар кыыдамнаабыта А. Данилов
2 туохтуур #
Тулуйарга ордук күчүмэҕэй буол, ыараа, уустугур
Нууччалыы Стать более трудным, осложняться
Дьэ, доҕор, дьыала кытаатарыгар тиийдэ быһыылаах. Н. Неустроев Олохпут, дьэ үчүгэй буолла ини диэтэхпитинэ, дьэ эбии кытаатан иһэр.
П. ОйуунускайДа-а, харчы, көстөрө аны олус кытаатта Н. Якутскай
3 туохтуур #
Тугу эмэ кыһанан, түргэнник оҥор
Нууччалыы Делать что-л. старательно, быстро
Тоойуом, Өкүлүүн, эн чэйгин кыт аат. Амма Аччыгыйа Дьаакып, күрүөҕүн кытаатыыһыгын.
Суорун ОмоллоонБытархайга да кытааттахпына табыллар. Ити аайы мөлтөх дьон тылынан "сарсын" диэн уталытыы табыллыбат
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (3)
Ыарахантан чаҕыйыма, инниҥ диэки баран ис. Θ Держись, давай. [Кууһума:] Ходьоҥ эмээхсини ылан көрөөрү гынабын. [Эмээхсин:] Һок! Дьэ, үчүгэй ходьоҥнотуу буолсу. Чэ, кытаат, кыт аат.
Суорун ОмоллоонҮлэҥ кэскилин саныыгын, оччоҕуна бэл бэйэҥ "кытаат" дэнэ саныыгын. П. Тобуруокап [Сергей Нарыйаҕа] - Чэ, кытаат! Ыра санааҕын ыһыктыма, ыарахан тирээтэҕинэ сынтас гына түһүмэ В. Яковлев