ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кытарар

аат тыл

Нууччалыы огонь, пожар

1 аат тыл #

, харыс т

  • Кытарардара бэркэ кытыастыбыт.
    Саха фольк
  • Кыһын обургу, Кытарар диэки ыйара Кыһалҕата улаатан, Көрдөһөн эрэбит.
    Болот Боотур
  • Биирдэ -- тимир оһох турбатыттан тордохторо умайан хаалан, оҕону-дьахтары кыс хаар ортото кытарартан быыһаан турардаах
    С. Руфов

2 аат тыл #

Уоту ытыктаан, харыстаан, сүгүрүйэн, уоттан дьулайан этэр тыл; баһаар

Нууччалыы Огонь, пожар

3 этии #

Нууччалыы Пострадать при пожаре; уничтожаться огнем (букв. краснеющий победил (отнял, слизал))

  • Кытарар кыайбыт (былдьаабыт, салаабыт) харыс т. - уот сиэбит, баһаар буолан кими эрэ алдьархайга тэппит Сүүрбэччэ сыл буолла: баайбын кытарар кыайбыта - сүүрбэ сүөһүнү уонна дьиэм баайын барытын.
    Н. Түгүнүүрэп
  • Кыдьык өлүүлэр гиэннэрин Кытарар кэлэн салаабат ээ.
    Күндэ
  • Кинилэр балаҕаннарын кытарар салаатын, оттон миэнэ буоллаҕына өссө кэрэ, ордук баай буоллун. Пьесалар-1960

«К» буукуба