ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кытыа

Нууччалыы весь в крови, окровавленный, залитый кровью

кытыа мунду (буол) - бүтүннүү хаан-билик буол (охсуһан, бааһыран)

Нууччалыы Весь в крови, окровавленный, залитый кровью

  • Иэлискэ кытыа мунду буолан сытар эбит. - Тыый, өлөрбүттэр дуо? - диэн Коля быһа түһэн ыйытта. - Өлөрбүттэр.
    Эрилик Эристиин
  • Куралай Кустук өһө-сааһа сүлүстэнэ умайан, уҥуоҕа кыйыттан кычыгыланан, хаана чаккыраан, бүтүннүү кытыа мунду киһи: "Эппиттэн биир тооромос эт, хааммыттан биир хааппыла хаан хаалыар диэри хадьыктаһыам!" - дии санаан өрө кыбдьыгырыы, эккирии турда.
    Д. Апросимов
  • Кытыа хаан көр кыа хаан. Кини төбөтө бүтүннүү кытыа хаан буолан баран, өйө суох олорор этэ.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Эмискэ буута "ньир" гынна ... Уол туймаарталаан ылла. Кытыа хаан буолбут анна
    И. Федосеев

«К» буукуба