Перевод с якутского
кытыан
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы можжевельник
Ис хоһооно · 7
1 аат тыл #
Кыһыннары хагдарыйбат мутукчалаах, отоннуҥу күөх туораахтаах сэппэрээк үүнээйи
Нууччалыы Можжевельник
Кытыаны уматан кэҥэрдиилээбиттэрэ кэҥэриини кычыгылатар. С. Федотов Ойуурдарга араас сэппэрээктэр: биэ эмиийэ, моонньоҕон, дөлүһүөн, -- кытыан уо. д. а. үгүстүк үүнэллэр. МЛФ АҮө. Кытыан туораахтара күөх отон көрүҥнээхтэр, тас өттүлэриттэн буоска урсунунан бүрүллүбүттэр. КВА Б
2 даҕааһын #
суолт., көсп. Хатыылаах, тыйыс (саҥа, тыл туһунан)
Нууччалыы Язвительный, насмешливый, колючий (слово, речь)
Анфиса пиэрмэҕэ кэлэн хотоҥҥо киирээтин кытта Хобороос эмээхсин хатыылаах хараҕынан, кытыан тылынан көрүстэ С. Федотов
3 этии #
Кытыан от - үрдүк умнастаах, кыра кубархай сибэккилэрдээх, ньолбуһах сэбирдэхтээх куруҥҥа үүнэр от Микиитэ үрдүк кытыан от быыһыгар түһэн хаалла. Амма Аччыгыйа. Киһитээҕэр үрдүк кытыан оттор быыстарыгар араас көтөрдөр ыксалаһа уйа туттунан ууһуур эбиттэр. Амма Аччыгыйа. Ср. тюрк. кат 'твердый'
Нууччалыы Кипрей узколистный
4 даҕааһын #
, бэй. туһ
Кытыан билэ дьоннорум, Кырдьаҕастыын-эдэрдиин, Кыһанан туран үлэлээриҥ, Кыайыы дьолун уһанаарыҥ. Нор. ырыаһ. Кылаан хотуур кынаттаах Кытыан элбэх доҕоттор, Массыынабыт кэнниттэн Барсымахтаан хаалыаҕыҥ И. Чаҕылҕан
5 даҕааһын #
Үгүс, элбэх
Нууччалыы Многочисленный, обильный, множество
6 даҕааһын #
Үүнэн иһэр, эдэр
Нууччалыы Растущий, молодой
Бүлүү эбэм! Кыһыл кумах кытылларыгар Кытыан ыччат Кыынньан мустар. А. Николаев Даадар диэн от үрэх лиҥкинэс тииттэри, ыт мунна баппат кытыан сиһиктэри быыстарынан устан намылыйар. ХС Ыһыахха бэлэмнэнэн, кытыан биэлэри тутан кымыстыыр буолта ХС
7 даҕааһын #
Үтүө, кэрэ
Нууччалыы Красивый, прекрасный
Кыталык курдук Кытыан маҥан кыргыттар!
П. ОйуунускайОнно бастыҥ сибэккилэр - кытыан ымыйа кыргыттар. С. Данилов Уолан дьэрэлик уолаттар, Кытыан кырылас кыргыттар, Холкуос хорсун дьонноро Түмсэн төгүрүһэн тураммыт Туойан чоргуйан эрэбит М. Доҕордуурап