ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кытын

туохтуур

Нууччалыы принимать участие, участвовать в чем-л

1 туохтуур #

Туох эмэ буоларыгар кыттыыны ыл, кыттыс

Нууччалыы Принимать участие, участвовать в чем-л

  • Нууччалыы мөлтөхтүк саҥарар буолан, уопсай кэпсэтиигэ кини оччо кыттыбат.
    Амма Аччыгыйа
  • Кини онно от үлэтигэр кыттара, бугул түгэҕин харбыыра.
    И. Федосеев
  • Быйыл бастыҥ ыанньыксыппыт быыстапкаҕа кытынна. Дьуон Дьаҥылы. Кулууп акылаатын түһэриигэ аналлаах маҥнайгы субуотунньукка алта уон киһи кыттыбыта. Айымньылаах ү

2 туохтуур #

Кимҥэ, туохха эмэ холбос

Нууччалыы Присоединяться, приобщаться к кому-чему-л

  • Ол аата, үөргэ кыттар, бас бэринэр, сөп түбэһэр соҕотоҕун сылдьардааҕар ордук буоллаҕа дии...
    Н. Лугинов
  • Уолчаан ханнык эрэ ааттаах булчукка кыттан, дьэллигирэн хаалбыт диэн сурах иһиллибитэ.
    Н. Заболоцкай
  • Аараттан субан сүөһүлэр холбостулар, онтон Витя таптыыр малаҕар сүүстээх оҕуһа үөргэ кытынна.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Др. тюрк. хатын

3 этии #

Этиилэр

Ыпсыыта кыттыбатах көр ыпсыы

  • Бааска биһикки хайдах эрэ ыпсыыбыт кыттыбатаҕа.
    Далан
  • Кэпсэтиилэрэ ыпсыыта кыттымына уурайар. Н. Якутскай

«К» буукуба