ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыччаа

туохтуур

Нууччалыы уменьшаться в объеме, размере

туохтуур

Кэриҥ, кээмэй өттүнэн көҕүрээ, кыра буолан көһүн

Нууччалыы Уменьшаться в объеме, размере

  • Холкуос дьиэтэ-уота үксээн, үрдээн истэҕин аайы, кинилэр [Муҥуураптар] балаҕаннара улам кыччаан, иинэн, кирийэн иһэргэ дылы.
    Амма Аччыгыйа
  • Кини үөрэн мичээрдээбит сирэйэ өссө кыччаабыкка дылы буолбут.
    Далан
  • Ырааттахтарын аайы мончууктар улам кыччаан уу кырсын кытта силбэһэн хаалаллар
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (6)
  • Ахсаанынан аҕыйаа, аҕыйах буол. Θ Уменьшаться, убавляться (в количестве, числе). Өйдөтөбүт, эн эдэргин, тыыны ыҥыран аҕаллаххына, буруйуҥ чэпчиэҕэ, хаайыллар кэмиҥ кыччыаҕа.
    Н. Якутскай
  • Медицина үөрэҕэ сөҕүмэрдик сайынна. Эмтэммэт ыарыы ахсаана муҥутуурдук кыччыыр.
    Д. Токоосоп
  • Сопхуостар комплекснай пиэрмэлэригэр үлэһиттэр ахсааннара улам кыччаан иһэр.
    ПЕ
  • Кылгаа, кылгас буол. Θ Становиться короче, укорачиваться. Кырса ыырынааҕар кыччаата, Кутуйах уйатынааҕар куччаата.
    А. Софронов
  • Кыччаан барда дуу, тугуй, Тиийиэхтээх сирим арда.
    С. Тарасов
  • Ср. др. -тюрк. кичиг; куманд. гиччи 'маленький'

«К» буукуба