ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыыһыр

туохтуур

Нууччалыы сердиться, злиться

English to be angry

1 туохтуур #

Санааҥ кыынньан кыйаханан кэл, уордай

Нууччалыы Сердиться, злиться

  • Оҕонньор кыыһыран, утары көбдьүөрүйэ түстэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Нина кыыһыран хоһугар тилир гынар.
    Далан
  • "Сааны биэр!" - диэтэ лейтенант уонна киһи кыыһырдаҕына көрөр хараҕынан миигин көрдө.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. др. -тюрк. хычур ‘хулить, очернять, злобствовать’

2 этии #

Нууччалыы Сильно разозлиться, быть вне себя, выйти из себя от злости

  • Тото кыыһыр кэпс. - олус күүскэ, кыайан саҥарбат да буола кыыһыр Түүн Наһаар дьиэтигэр тото кыыһырбыт киһи тиийбитэ.
    Суорун Омоллоон
  • Чээбий соруйан үрүтүн үөһэ мээрилии турбут. Оҕонньор онтон тото кыыһыран хаалбыт.
    Күннүк Уурастыырап
  • Үллэ (үллэччи) кыыһыр - күүскэ кыыһыран, уордайан кытаран, быыппастан хаал. Θ Побагроветь от гнева, кипеть от злости. Кини элэккэй, сэргэх, көрдөөх-нардаах уонна үллэ кыыһырбыт киһини күллэрэр сытыы тыллаах, үчүгэй майгыннаах эдэркээн уолчаан.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (2)
  • "Үлэ кэмигэр дьону аралдьытар, бу тугуй? Эһигини барыгытын хаайтарыам, хара ыттар!" - Семенов үллэ кыыһырбыт.
    А. Сыромятникова
  • Андриан үллэччи кыыһырда. М. Доҕордуурап

«К» буукуба