Перевод с якутского
кыыһырыы
аат
кыыһыр диэнтэн хай. аата. Күөрэгэй [кыыс аата] күүһэ кыайарынан үлэлиирин, илин-кэлин түһэрин үрдүнэн маачаха ийэтэ кыыһырыыта. мөҕүүтэ улаатан истэ. Т. Сметанин Василий Алаарап -- кэргэнин көрөөт, кэнсэлээрийэттэн кэһии гынан кэлбит кыыһырыытын, уоҕун төлө тардан кэбистэ. ХС Таарымта киириитэ хайаан да куттаныыны, соһуйууну, долгуйууну, кыыһырыыны кытта сибээстээх. ППА СЭЫа