Перевод с якутского
кыҥкый
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы плаксивое выражение недовольства, каприз, прихоть
1 аат тыл #
Кыҥынайа соҕус сөбүлэспэти биллэрии, төттөрүлэһии
Нууччалыы Плаксивое выражение недовольства, каприз, прихоть
Хас оҕом кыҥкыйын уйабын, Ардыгар аҕалыы ааттыыбын... Р. Баҕатаайыскай Эдэр дьон, диэн дьэ бу -- Киһи тылын истибэттэр, Кырдьаҕастар ол-бу Кыҥкыйдара диэччиктэр. С. Тимофеев Дьиэ иһигэр кыҥкый, отур-ботур саҥарсыы ханна барыай Кыым
2 даҕааһын #
суолт. Сөбүлэспэттии туттар, киҥир-хаҥыр саҥалаах
Нууччалыы Плаксиво выражающий свое недовольство, распускающий нюни, капризный, привередливый
Кыыһынан кырдьыбыт дьахтар кыыһырымтаҕай, кыҥкый, онтон да атын омсолоох диэн дьоннор кэпсэтээччилэр ээ. Р. Баҕатаайыскай Ити тыраахтардара эҥин кыҥкый кыыс оҕо курдуктарын оҕонньор истэр. И. Федосеев Ийэҥ, эһэҥ аах бука бары чэбэр, чиҥ бөҕө, ону ааһан өссө наһаа бириинчик, дьоҕус да омсону туора көрбөт кыҥкый бөҕө дьон этилэр дии ХС