ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыһам

аат тыл

Нууччалыы светлый или темный фон чего-л.

1 аат тыл #

Туох эмэ ордук бэлиэтик көстөр сырдык эбэтэр хараҥа тула өттө

Нууччалыы Светлый или темный фон чего-л. Үрэх халдьаайы хордоҕойугар кутуйахсыт көтөн сапсына сылдьара харалаабыт тыа кыһамыгар сүрдээҕин туртайан, сырдаан көстөрө

  • Халлаан сырдык кыһамар тииттэр үөһээ төбөлөрө кэрэлэнэн бэлиэтик көстөллөр.
    ХС
  • Түннүк сырдыгын кыһамыгар көрдөххө, көп түү курдук хаар кыырпахтара оргууй аҕай тэлбээриһэн түһэллэр
    Чолбон

2 аат тыл #

Өрүс эбэтэр муора үрдүк, туруору сыыра

Нууччалыы Высокий, отвесный берег моря или реки. [Кырса хороонун] үрдүк сиргэ, туундара булгунньахтарыгар, байҕал кыһамынааҕы таастарга оҥостор

  • Сөҥүү боруодалара -- сүүһүнэн миэтэрэ үрдүктээх Лена уҥа кыһамнарын устун көстө сыталлар
    ГКН МҮАа
  • Туруору сыыр тэллэҕинэн ааһар синньигэс кытыл. Θ Узкая полоска земли, протянувшаяся вдоль отвесного берега. Хотугу байҕал субурҕа кыһамнара эҥин эгэлгэ сибэккинэн, күп-күөх чыыбаҕа отунан силигилии симэнэн ахан тураллар
    ХС

«К» буукуба