Перевод с якутского
кэдэрги
сыһыат, даҕааһын
Нууччалыы выгнувшись
Ис хоһооно · 6
1 даҕааһын #
сыһ
Сиэгэн [ойуун], кэннинэн тиэйэн, олбох үрдүгэр кэдэрги тайанан олорон, кэҕийэ илгистэр.
Суорун ОмоллоонҮс бандьыыт Михаилы саба баттааннар, илиитин кэдэрги кэлгийэллэр. С. Ефремов Ньургун Куратыны окумалыттан кэдэрги тардан, уҥа илиитинэн эҥил баһыттан харбаан, умса баттыыр.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (4)
Арыйаан кинини көтөҕөн ылан түһэҕэр олорто уонна харытыгар кэдэрги түһэрэн, өр баҕайы уоһуттан уураата Л. Попов Бачча кэдэрги сиргэ туох наадалаах буолан бу эргин охсулуннуҥ? Болот Боотур Этэрээт түүн айаннаан, күнүһүн тыаҕа бүгэн, кэдэрги сирдэринэн кэлэн испит. М. Доҕордуурап Киһитэ-сүөһүтэ суох кэдэрги үрэх баһыгар кинини мэлитэн, тулаайахсыйан олорор ойоҕо, оҕолоро өйүгэр-санаатыгар кэлэн көстө түстүлэр Күннүк Уурастыырап
2 даҕааһын #
Илиилэриҥ кэннин диэки буолар гына, кэннинэн (хол., тайанан олор); кэннигинэн, көхсүнэн (хол., сыт)
Нууччалыы Руки назад, за спину (отвести, вывернуть, опереться, выгнув одновременно спину); выгнувшись (напр., лежать)
3 даҕааһын #
Буолуохтааҕын курдук буолбакка, олох төттөрү, утары (гын, быһыылан)
Нууччалыы Против, вопреки кому-чему-л. (делать, действовать)
Оҕонньор баара буоллар эн курдук кэдэрги быһыыланыа суох этэ. Кэпсээннэр. Дьон олоҕун туһунан кэпсэтии буолла да, киҥэ-наара алдьанан барар, кэдэрги тыллаһааччы А. Сыромятникова Куруубай, кэдэрги кэмэлдьилээх киһи үчүгэйи умнар, кыракый да куһаҕаны, саараама умнубат. ПБН КДьСО. Олоххо-дьаһахха, өйгө-санааҕа кэдэрги быһыылар, эргэ уопсастыбаттан хаалбыт үгэстэр тобохторо билигин даҕаны бааллар. МАЕ УОРОС. Эн наар киһини ситэ истиминэ мөҥөн-этэн барар куһаҕан кэдэрги үгэстээххин, Даайа. ХС Адьаһын кэдэрги киһийдээн тахсыах киһитэ. И. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
Ср. бур. гэдэргэ ‘задний’
4 даҕааһын #
Туора, ыраах баар
Нууччалыы Находящийся в отдалении, в стороне
5 даҕааһын #
Төттөрү, куһаҕан, толоос
Нууччалыы Неприличный, непристойный, дурной, предосудительный
6 этии #
Нууччалыы Разбогатеть до неприличия, вести себя неподобающе, непристойно, не знать меры ни в чем, ни с кем не считаться
Кэдэрги бай (киэбир) - аһара байан кими-тугу да бэйэҕэ тэҥнээбэт буола киэбир Додор, кэдэрги байан, киһи сиэригэр баппат дьиибэни-хообону оҥорор, топпутун уйбатах бардам баай. Саха сэһ. 1977. Кэдэрги байан, топпутун тугунан тарҕатыан булумуна, "халлаан хабарҕатынан, муора тобугунан" буолан олорор.
Суорун ОмоллоонМаргыыйаптар наһаа байан, кэдэрги киэбирэн, хайдах да буолуохтарын билбэт буолан эрэллэр. И. Семенов Кэдэрги тарт - 1) ыарык буолан баттаа, ааһан-араҕан биэримэ (хол., урукку олоҕуҥ). Θ Преследовать неотступно, угнетать, давить, лежать тяжелым грузом на душе (напр., прошлое). Урукку диэн тыыннааҕыҥ тухары батыһа сылдьан, мэлдьи өйгүн-санааҕын кэдэрги тарда турууһу.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (5)
Урукку манна суох. Суох эрээри хатыс муоһа курдук син биир кэһэлтэ буолан кэдэрги тарда сылдьар. Н. Лугинов; 2) мэһэй буол, туора түс. Θ Быть помехой, тормозом, тянуть назад, мешать движению вперед (о недостатках). Эн бу туох кыһалҕатыгар туундара тумарыгар түстүҥ? Аата, кэппит-тоспут кэдэрги тардан истэҕэ.
Суорун ОмоллоонКэлэр кэм кэскилин кэдэрги тардар өйдөбүллэр туоратыллыах тустаахтар.
Н. ЛугиновКэдэрги түс - туохха эрэ киириммэккэ, буолуммакка өһөс, төттөрү түс (быһыылан). Θ Не соглашаться с чем-л., упрямиться, противиться чему-л. Үтүө киһиэхэ эргэ биэрэн, оҕом олоҕун оҥоруум диэтэх аайы, дьэ кэдэрги түһэн иһэр. М. Доҕордуурап Ол аайы Баламаатап улам ордук кыыһырар, кэдэрги түһэр буолан барбыта. Н. Якутскай "Тугу сэһэргиэмий? Кэпсээн да кэмчи быһыылаах", - Сэмэн Ыстаараһын, кэпсэтиик бэйэтэ, дьэ кэдэрги түстэ. Д. Таас