ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэлии

аат тыл, аат, даҕааһын

Нууччалыы деревянная ступа

English verbal noun of кэл

I

1 аат тыл #

, бэй. туһ. Тугу эмэ (хол., бурдук куолаһын, табах отун) соҕоҕунан үлтү сынньарга аналлаах хаһан оҥорбут дириҥ истээх мас иһит

Нууччалыы Деревянная ступа (из обрубка бревна)

  • Сиэҥкэ диэн Доромоон тоҕустаах оҕото, суол аанын диэки туран, кэлиигэ бурдук сынньар.
    Күндэ
  • Били табах кэлиитэ ханна буолла?
    Суорун Омоллоон
  • Сымыыт уоһаҕын саахары, какаоны кытта дэлби аалыллар, эриэхэни кыра кэлиигэ илдьи сынньан эбиллэр. ФВН Т
    С. Тюрк
Өссө холобурдар (1)
  • кэли, кели

2 этии #

Нууччалыы Тупое упрямство, крайняя несговорчивость

  • Кэлии да соҕох - олус өһөс, хадаар быһыы, тылга киирбэт, эппити кубулуппат буолуу Дьэ ол курдук биһиги аҕабыт, төрүт да өһөс муҥутаан, ууга киирбэтэх оҕус курдук, кэлии да соҕох буолбута.
    Н. Заболоцкай
  • "Манан сатаммат. Онон наада! - Чэрэндэй эппитин эттэ. - Кэлии да соҕох", - цыганныҥы уол эбии кыыһырда.
    И. Данилов
  • Кэлиилии кэп - эппиккин үрүт-үөһэ этэ тур, наар биири хатылаа. Θ Надоедливо говорить, упорно повторять одно и то же. Биирдэ эппити кэлиилии кэбэ турар үтүөҕэ тиэрдээччитэ суох. Софр. Данилов. Мин эппиппин дакаастаан, кэлиилии кэбэ турабын.
    Р. Баҕатаайыскай
Өссө холобурдар (1)
  • Атыттар сыыһа эппиттэрин эбэтэр дьаһайбыттарын биллэллэр да, соруйан эбэтэр ону аһаҕастык билиниэхтэрин кыбыстан кэлиилии кэбэр идэлээхтэр. "ХС"
III

3 даҕааһын #

Олохтоох буолбатах, хантан эрэ кэлбит

Нууччалыы Не местный, приезжий

  • кэл диэнтэн хай. аата. Аныгы кэлиибэр эрэспиэскэ туһунан хайаан да тугу эмэ билэр буолуохтаахпын.
    Т. Сметанин
  • Саас сайын кэлиилэрэ оҕолорго туохтан да ордук кэрэ буолара. Дьүөгэ Ааныстыырап. Бурдук кэлиитэ куһаҕана суох. Гектартан уонтан тахса сэнтиниэр хомуллар. "ХС"
  • "Кэлии кыыс" кинилэртэн бары өттүнэн бары итэҕэһэ суох сайдыылааҕын сотору кэминэн билинэргэ тиийбиттэрэ.
    Э. Соколов
Өссө холобурдар (4)
  • Түөрт сыллааҕыта сайын Николай эмиэ кэлии киһитин үгэһинэн олорор дьиэ көрдөһүүтүгэр бэрт уһуннук эрэйдэммитэ.
    ХС
  • Сахалар түҥ былыр соҕуруулуу-арҕаа Тобол сирин диэки -- олорбуттар, онон олохтоох буолбакка, кэлии омуктар
    СПА СТИ
  • Хантан эмэ аҕалыллыбыт, маннааҕы буолбатах. Θ Привезенный откуда-л., привозной. [Кимка] Күндээриҥнэс массыынатынан Көстүүтүнэн күөн туттубут, Кэлии миэбэлинэн сырсыаласпыт, Кэрэ дорогуой папочкалаах.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Бастакы кэлбит нууччалар саха тимирин кэлии тимиртэн лаппа ордорон олохтоох улуустартан анаан-минээн атыылаһаллара
    ХС

«К» буукуба