ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэпсээнньит

аат тыл

Нууччалыы хороший, умелый рассказчик

1 аат тыл #

Үчүгэй тыллаах-өстөөх, кэпсиир дьоҕурдаах киһи

Нууччалыы Хороший, умелый рассказчик

  • Сынньалаҥ кэмҥэ Лэглээр оҕонньор бэрт кэпсээнньит, көрдөөхтүк элэктиир үчүгэй майгыннаах оҕонньор.
    Амма Аччыгыйа
  • Семен Егорович -- үөрүйэх кэпсээнньит быһыытынан тиэтэйбэккэ кэпсииргэ оҥоһунна.
    Далан
  • [Ира] кэпсээнньит, остуоруйаһыт бастыҥа
    Н. Заболоцкай

2 аат тыл #

лит. Кэпсээннэри суруйар суруйааччы

Нууччалыы Писатель-прозаик, пишущий рассказы

  • Кини [Чехов] кэпсээнньит быһыытынан ордук аатыран-сураҕыран, бары улуулары кытта сэргэ аата ааттанар.
    П. Аввакумов
  • Н. Габышев кэпсээнньит быһыытынан биллэр. Эрчимэн. Саха литературатын бастаан иһэр жанра - проза. Ол аата, кэпсээнньит, сэһэнньит суруйааччылар биһиги билиҥҥи сахалыы литературабыт инники күөнүгэр тураллар
    ЭСЭ

«К» буукуба