Перевод с якутского
кэриэс
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы завещание умирающего человека
1 аат тыл #
Өлөр киһи хаалааччыларга тиһэх баҕатын, дьаһалын этиитэ
Нууччалыы Завещание умирающего человека
Кэриэскин эт. Кэриэс кэс тыл. Кэччэгэй кэриэһэ суох (өс ном.). Бааһырбыт бассабыык кэриэһин эппитэ, Барыбыт бааһырбыт сүрэхпит тэппитэ.
П. ОйуунускайЭн эппит киэҥ кэриэс тылларгын, Өйдүөҕүм, ийэкээним, өйдүөҕүм! П. Тулааһынап
Өссө холобурдар (4)
Батыһааччыларга, үөрэнээччилэргэ, кэлэр көлүөнэҕэ анаммыт кэс тыл. Θ Завет, заветы. Улуу өбүгэлэрбит кэриэстэрэ. Хараҥа үйэлээх төрүппүт Хаалларбыт кэриэһэ диэн тугуй? Баал Хабырыыс Өлүөх иннинэ оҥоһуллар бэстилиэнэй, тиһэх дьайыы (үксүгэр даҕ. курдук тут-лар). Θ Какое-л. последнее, прощальное действие (обычно употр. в качестве определяющего слова). Абдуркулла этэрээтин кэккэтиттэн -- тыыннара быстан эрэр дьон бэстилиэнэй кэриэс хаһыылара иһиллэр. Эрилик Эристиин Сэриилэспит сирдэрбин Кырдьар сааспар, кэриэспин, Баҕарабын быйыл мин Баран, көрөн кэлиэхпин М. Хара
2 аат тыл #
Кимтэн эмэ хаалбыт, кими эмэ санатар, олус күндүтүк көрүллэр өйдөбүнньүк (мал, суол-иис)
Нууччалыы Свято хранимая, дорогая вещь, заветная вещь в память о ком-л
Оҕом кэриэһин - сааны мин тыыннаахпар биэрэн ыыппаппын! Амма Аччыгыйа Кинилэр Килбиэннээх ааттарын Кэлэр үйэлэргэ Кэриэс хааллаартара. Күннүк Уурастыырап Ол баҕана уоһугар мин чаһым турар, туохха эмэ түбэһэн, кэлбэтэхпинэ кэриэс гынаар. А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
Ср. монг. гэрээс 'завет, завещание'; алт. керес 'завещание'
3 этии #
Кэриэс ас (аһылык) - 1) киһи өлүөн иннинээҕи тиһэх аһа Тоойуом, дьэ бу кэннэ табах тардыбат, ас аһаабат киһи буоларым буолуо... Бу кэриэс тардыым, кэриэс аһылыгым. Н. Якутскай; 2) киһини көмүүгэ бырастыылаһар ас. Погребальная, номинальная, прощальная пища. Тэҥн. көҥсүү ас
Нууччалыы Предсмертная пища