Перевод с якутского
кэрэй
туохтуур
Нууччалыы воздерживаться от расходов по тем или иным соображениям; скупиться, жалеть
1 туохтуур #
Харыһыйан, ыарырҕатан, харыстаан кэмчилээн, ороскуокка киирэртэн туттун
Нууччалыы Воздерживаться от расходов по тем или иным соображениям; скупиться, жалеть
Ороскуотун кэрэйбэтэххитинэ, эһиги даҕаны күөллэрдэ көһөрүҥ ээ. Болот Боотур Манньатын-сулуутун, кэһиитин-тутуутун, атын да ороскуотун кэрэйиэ суохтааххын. Күннүк Уурастыырап Хоргуйан олорон сыана кэрэйиэҥ дуо, өлөртөн быыһаммыккар үөрүөҥ Болот Боотур
Өссө холобурдар (1)
Буорту буолбатын диэн харыстаа. Θ Беречь, оберегать что-л. от порчи. [Харытыан] үрүҥ сарыы этэрбэһэ сытыйарын кэрэйбэккэ, бадьаалаан тиийэн, умса сытар тыытын тиэрэ аста, ууга киллэрдэ Л. Попов
2 туохтуур #
Тугу эмэ ыарырҕаан оҥорума, тугу эрэ гынартан туттун
Нууччалыы Затрудняться делать что-л., считая это слишком обременительным, трудным
Эмээхсин -- кини туһа диэн утуйбакка да үлэлиирин кэрэйбэт этэ. А. Федоров Ыксаабыккар, сылайбыккар тэптэрэн, окуопа хастаргын кэрэйдэххинэ, бэрт сотору өстөөх буулдьатын аһылыга буолаҕын ЫКТ
3 туохтуур #
Тугу эмэни сүөлүргээн эбэтэр табыгаһа суоҕунан, толооһунан ааҕан, оҥорума, оҥорортон туттун
Нууччалыы Не делать, не предпринимать, не решаться делать что-л., считая это неприличным, предосудительным, неудобным
Кини кэпсээнин истибит киһи бултуон да кэрэйиэх курдук. Амма Аччыгыйа Биһиги саҥа үүммүт ньургуһуннары туура тардыахпытын кэрэйдибит. И. Сосин Мин кинилэр [оҕонньордоох эмээхсин] ити чуумпу, нарын кэпсэтиилэрин быһыахпын кэрэйдим. Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (1)
Ср. п. -монг. кирэ 'скупиться, скряжничать'; тув. кээргээр 'жалеть (испытывать жалость, беречь)'