ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэтинчэ

аат тыл

Нууччалыы суконные или меховые толстые носки, надеваемые с торбасами, сапогами

1 аат тыл #

Сукуна эбэтэр түүлээх таҥаһынан тигиллибит этэрбэс (саппыкы) иһинэн кэтиллэр халыҥ ичигэс наскы

Нууччалыы Суконные или меховые толстые носки, надеваемые с торбасами, сапогами

  • Ытык тириитэ сыалдьалаах, сут тириитэ сутуруолаах, кэрэх тириитэ кэтинчэлээх [ойуун].
    П. Ойуунускай
  • Ийэлэрэ эрдэ туран Саадьаҕай ньирэй Кэтинчэни, Кыра дьааһыкка лэппиэскэни Кырыытынан дьаптайда.
    С. Васильев
  • Ийэтэ күһүн-саас эрэһиинэ саппыкы иһинэн кэтиэ диэн, түрүкүөнэн кэтинчэ тиктэ. Багдарыын Сүлбэ. От якут. кэт 'надевать'

2 этии #

Кэннэ кэтинчэ да буоллун - билигин эрэ үчүгэй буоллун, кэнникитэ куһаҕан да буоллун, онно кыһаныллыбат Бэйэбитигэр эрэ үчүгэй буоллун. Уонна кэннэ кэтинчэ да буоллун. А. Софронов. Кэннэ кэтинчэ да буоллун, мэлдьэһэн килэритэн иһэр табыллар. М. Попов.

Нууччалыы Будь что будет; соотв. главное - прокукарекать, а там пусть хоть не рассветай, после нас хоть потоп; а там хоть трава не расти. [Күлүк:] Биһиги киһи кэнникитигэр кыһанааччыбыт суох

Этиилэр

Кэтинчэ быта кэтэххэ ытынна көр баккы

  • Кэтинчэ быта Кэтэххэ ыттаҥҥын, Баһырҕас быта баска ыттаҥҥын, Илин былдьастаҕым оҥостоҥҥун -- Кэлэн тураҕын дуо?
    Д. Говоров
  • Олох уларыйан, кэтинчэ быта кэтэххэ ыттан эрэр. Р. Кулаковскай

«К» буукуба