Перевод с якутского
кэҥкэмэ
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы промоина, вырытая потоком воды
1 аат тыл #
Сүүрүктээх уу хаспыт, куоһаабыт хаспаҕа
Нууччалыы Промоина, вырытая потоком воды
Кэҥкэмэлээх, киэҥ үрэх сирдэр Кэтит-дэлэгэй иэннэрин устун Сиэллэрэн дьигиһитэн киирдилэр. Күннүк Уурастыырап Уораҕайдаах улуу Лена Улаатан аҕай нэлэһийбит, Кэҥкэмэлээх кэтит иэнэ Кэҥээн аҕай килэдийбит. Болот Боотур Кини [Таатта үрэх] кэпсээннээх, кэҥкэмэлээх ис киэбин Кэрийэ сылдьаммын көрдүм. Саха нар. ыр. I
2 даҕааһын #
суолт. Киэҥ сиринэн тайаан сытар, нэлэмэн
Нууччалыы Простирающийся широко на большое расстояние в пространстве
Бу туманынан бүрүллэн дөйө тоҥон турар киэҥ кэҥкэмэ сыһыы аны аҕыйах ыйынан күөххэ күөгэйэ сууланан тиллэн кэлиэ турдаҕа. В. Протодьяконов Онуоха эрэ өйдөөбүтүм: бу күннэтэ көрөр кырдьаҕаһым хараҕа мындыра, тыла-өһө ырааһа, өйүн-санаатын дьүһүлгэнэ төрөөбүт-үөскээбит киэҥ кэҥкэмэ туундаратын кытта хайдах курдук уруулуу дьүөрэлэһэрин С. Тумат
3 аат тыл #
, эргэр., түөлбэ. Үрдүк, киэҥ сотолоох уу кэһэр этэрбэс (саппыкы)
Нууччалыы Торбаса (сапоги) с высокими, широкими голенищами
Ленка кэҥкэмэ саппыкытын кэтэн, харгыга кэлэн иҥнибит дьарҕаалары күөгүлээн ыла-ыла, кытылга баар уулаах умуһахха тамнааттыыр ХС