ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күдээрит

туохтуур

Нууччалыы поднимать, взвихрить

1 туохтуур #

Күүскэ өрүкүйэр, бурҕачыйар гына өрө көтүт (хол., суол быылын, хаары)

Нууччалыы Поднимать, взвихрить (напр., дорожную, снежную пыль)

  • Ааспыт күһүн -- күүркэнньик "кырыстаах" алааһы ортотунан, күдэн буору күдээритэн, куоракка айанныырбытыгар бу күөл букатын суох этэ.
    Амма Аччыгыйа
  • [Тыал] бөһүөлэк ыалын дьиэтин үрдүн хаарын көтүтэн күдээритэр, ханна эрэ тимир оһох турбатыгар иһиирэн сирилэтэр.
    Н. Якутскай
  • Сибилигин аҕай сирилэтэн ааспыт холорук, -- буору-сыыһы күдээритэн, өрө ытыллан алыы диэки киирэн эрэр эбит
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (3)
  • Салгыҥҥа киэҥник тарҕанар гына эмискэ өрө көтүт, ыс, күүскэ бырдаҥалат, тоҕо ыһыахтаа (хол., туох эмэ убаҕаһы эбэтэр быыл курдугу). Θ Развеять, разметать, разбрызгать поверху что-л. жидкое, сыпучее. Кыысчаан чохчойон олорон, чэчигирэччи күлэр уонна ытыһынан ууну сомсон күн диэки ыһан күдээритэр.
    Н. Лугинов
  • Биир ыстакаан оруоһу ыһан күдээриппиппэр, чыычаахтар үрэл гынан кынаттара талыбырайа түстэ.
    М. Доҕордуурап
  • Киэһээҥҥи ыамҥа ынаҕын ыан эрдэҕинэ, ынаҕы биэдэрэлээх үүтүн тоҕо тэбэн күдээриттэ
    А. Федоров

2 туохтуур #

Суол быыла, хаар өрүкүйэр гына олус дохсуннук, түргэнник хамсан, сүүр

Нууччалыы Стремительно двигаться вперед, поднимая клубы пыли (снежной, дорожной)

  • Ньургун Боотур обургу айаннаан күдээриппитинэн барда - баччаны истэн баран олоруох киһи буолбатах.
    Саха фольк
  • Үс үүт бүтэйи үрдүнэн көтөн күдээриттилэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • [Чубукулар] субу чугаһынан ойуолаан күдээритэн аастылар уонна хайа чыпчаалын былдьастылар
    И. Данилов

3 туохтуур #

Кими-тугу эмэ бэйэҥ эбэтэр туох эмэ нөҥүө үөһэ көтөҕөн бырах, тугу эмэ ылан элээрт

Нууччалыы Приподняв перекинуть кого-что-л. через себя или что-л

  • Эргичис гынар да, илиитин киһитин санныгар биллэҕиннэри быраҕан күдээриппитэ эрэ баар буолара. СМН ТС. [Софронов Азизовы] өттүктээн күдээритэр. ВВ ТТ

«К» буукуба