Перевод с якутского
күкээрис
аат тыл
Нууччалыы овсяница
1 #
күкээрий диэнтэн холб. туһ. Иччитэх балаҕан диэки көрбүтүм, им-ньим, үрдүгэр үүммүт эрбэһиннэрэ тулаайахсыйбыттыы күкээриһэллэр. Н. Заболоцкай. Толооҥҥо хагдарыйбыт эрбэһин оттор төбөлөрө күкээриһэллэр. П. Аввакумов
2 аат тыл #
, биол. Сыһыыларга үүнэр хойуу силистээх элбэх сыллаах бурдуктуҥу от
Нууччалыы Овсяница
Эйигин олус аһыйа оҕо сааһым сайына Хаалбыта күкээрис оттоох киэҥ сыһыыга. С. Гольдерова Бу оттортон [сыыпар, быалык оттортон] Сибиир күкээриһэ иҥэмтэтинэн бүтэһик миэстэни ылар ААФ САХТ