ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күлүмнээ

туохтуур

Нууччалыы ярко вспыхивать, загораться

туохтуур

Быста-быста салҕанар сып-сырдык уотунан умай

Нууччалыы Ярко вспыхивать, загораться

  • Этиҥ этэр, үөлэс үүтүнэн күөх уот таҥнары күлүмнүүр. Ньургун Боотур. Чугаһаабытым кэннэ саа тыаһа дэлби ыстанна, дьон айманнылар, бурдук диэки уот күлүмнээтэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Күөх, кыһыл уоттар умайан күлүмнээтилэр, онтон улам-улам түргэтээн, киһи хараҕа кыайан арааран көрбөт буола, биир күдьүс сырдыкка кубулуйдулар
    Г. Угаров
  • Араастык уларыйан сып-сырдык уотунан толбоннура оонньоон, чаҕылыҥнаа. Θ Сверкать, сиять, переливаться, искриться. Мунду үрүҥ көмүс өрөҕөтүгэр, туналҕа маҥан таманыгар уу оҕуруолар бырдьыгынаан, өрө кыынньан тахсаннар, көмүс мөһүүрэ курдук күлүмнээтилэр.
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (2)
  • Маша кыһыл көмүс ытарҕатын иэмэҕэ ыраас иэдэһигэр күлүмнүүр.
    М. Доҕордуурап
  • Нэлэһитэ сүүрүгүрэр Лена күҥҥэ күлүмнүүр Кэлэр кэмҥэр сүгүрүйэр Кэргэн дьоҥҥун дьүһүннүүр
    А. Абаҕыыныскай

«К» буукуба