ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күлүү

аат тыл, аат

Нууччалыы насмешка

English mockery

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Нууччалыы насмешка

English mockery

  • күлүүгэ бар
    стать посмешищемto become a laughing-stock
  • күлүү гын
    насмехаться, высмеиватьto mock, to laugh at, to ridicule

2 аат #

Кими эмэ элэк гыныы, хаадьылааһын

Нууччалыы Насмешка, глумление над кем-л

  • күл диэнтэн хай. аата. Оонньуу оонньообуттар, күлүү бөҕөтүн күлбүттэр, кэпсэтии былатын кэпсэппиттэр.
    Саха фольк
  • Эмиэ тэбэнэттээх күлүү иһиллээт, ким эрэ быһа охсубутунуу "эх" гынан хаалла.
    Н. Босиков
  • Күлүү - бу аан дойду улуулара бас бэринэргэ күһэллибит күүстэрэ буолар. ЭБЭДьА
Өссө холобурдар (2)
  • Хара буолтум тапталбар Хаадьы, күлүү буолбатах, Хата дьиҥнээх аналбар Хара көмүс быһыылаах.
    Н. Босиков
  • Сатира олоххо дириҥник силистэммит омсолоох быһыыны-майгыны төрдүттэн түөрэн, -- өһөхтөөхтүк өлөрө күлэр буоллаҕына, юмор - сымнаҕас, эйэ-дэмнээх, элэктээх күлүү
    ВГМ НСПТ

3 этии #

Нууччалыы Стать посмешищем у кого-л

  • Күлүүгэ барда (киирдэ) - Сыыһа-халты быһыыланан ким эмэ күлүүтэ, элэгэ буолла Хата, дьонум көрбөтөхтөрө үчүгэй, көрбүттэрэ буоллар күлүүгэ барыа эбиппин.
    Далан
  • Бэйэм аатырбыт умнуган киһибин. Арыт хамсабын уоба сылдьан көрдөөн, арыт бултуу сылдьан саабын умнан, дьоҥҥо элбэхтик күлүүгэ барбыт бэйэккэм.
    С. Никифоров
  • Ама үс куобаҕы уон икки киһиэхэ эттээн үллэрэ турдахпыный - сүрүн да, күлүүгэ барыахпыт.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
  • Күлүүгэ ыыт - кими эмэ, бар-дьон ортотугар күлүүгэ киллэр, элэк оҥортор. Θ Сделать кого-л. посмещищем, выставлять кого-л. на посмешище. Чээбий уус тыллаах буолан, Өндөрүүһү - үрүҥ ыстаабын боломуочунай сололоох тойонун - ити курдук күлүүгэ ыытан турардаах. Күннүк Уурастыырап

4 этии #

Нууччалыы Словно насмехаясь, будто в насмешку

  • Күлүү гыммыкка дылы - элэктээбит курдук Күлүү гыммыкка дылы, утута охсон кэбиһэллэр ээ! Бэйэм даҕаны, көлөөк киһи, сылаас дьиэни булаат, утуйан умса сытыйбытым түргэнин!
    Амма Аччыгыйа
  • Ходоровтаах "хотонноругар" итиччэ көстөн турар дьаабы үлэҕэ - бастакы, оттон биһиэхэ, күлүү гыммыкка дылы, биһирэбил эрэ бириис.
    Н. Лугинов
  • Күлүү гыммыкка дылы, кэнниттэн кэлэн доруоптаама, доҕор.
    Р. Кулаковскай
Өссө холобурдар (5)
  • Күлүү гыммыттыы - элэктээбиттии. Θ Словно насмехаясь, издеваясь. Кыҥнайа-кыҥнайа, тахсан ыларгын көрүллүө диэн күлүү гыммыттыы, одуулаһан тэһэ көрөн сытта.
    Болот Боотур
  • Наташа, тоҕотун бэйэтэ билбэккэ эрэ, княжна Марья диэки күлүү гыммыттыы көрдө.
    Л. Толстой
  • Күлүү гын (оҥоһун) - ким эмэ итэҕэһин-быһаҕаһын эбэтэр тугу эрэ олуонатык оҥорбутун туһанан, элэктээ, хаадьылаа. Θ Насмехаться над кем-чем-л., осмеивать кого-что-л., издеваться. Бииргэ үөрэммит доҕотторум, манна бааллара эбитэ буоллар, миигин күлүү гыныахтара этэ.
    А. Софронов
  • Күөрт ыт курдук Күлүү оҥостоннор, Эриэн ыт курдук Элэк гынан бардылар.
    П. Ойуунускай
  • "Доҕоор, куһуҥ аһаран биэрдэ, куйбас гыммытын көрбөтүҥ дуо?" - мин кинини күлүү гынабын. Далан

«К» буукуба