Перевод с якутского
күндэ
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы блестящий, сияющий
English darling
1 даҕааһын #
Күн уота түһэн күлүмүрдээн көстөр
Нууччалыы Блестящий, сияющий
Көмүс, алтан ардайдаах Көтө кыынньар кумахтаах, Күкүр хайа кыһыаллаах, Көнө хонуу кытыллаах Күндэ үрэх барахсан. Күннүк Уурастыырап Күндэ далай иччитэ Көмүс хатырыктааҕынан Күндүлээрэй диэн, -- Алгыс бөҕөнү бараан, Элэ-была тылын этэн, -- [саха урааҥхай] Олорбут уһун олоҕун Ким билбэтэҕэй? С. Зверев Биһиги киһибит - кырдьык даҕаны Этиэҕин эттэ диэн - Күн быһаҕаһа айаннаан, Күндэ далайга тиийэн, Даллан куоҕас курдук Умса оонньуу сырытта С. Васильев
2 аат тыл #
суолт., түөлбэ. Күөлтэн арахсыбыт, ойуччу сытар уулаах түөлбэ; күөл түөлбэтэ
Нууччалыы Обособленная часть озера
Сайсары күөлүн илин күндэтин хаба ортотугар уонча анды уста сылдьарыттан Дьэкиим кыһыйа санаата. Болот Боотур Таас күөлэ диэн сэттэ биэрэстэ усталаах, хас да күндэлээх күөл. ХС Буор Холума хоту күндэтиттэн сыыра үрдүк диэн уулаабыттар КДМ ОККО
3 этии #
Нууччалыы Не глубокое озеро с прозрачной и чистой водой
Күндэ (күөндэ) күөл - дьэҥкэ ыраас уулаах дириҥэ суох күөл Күндэ күөлтэн көлүйэ күөл көтөр үһү (тааб.: уһаат, хомуос). Соҕуруулуур халлаантан Сугул куйаас сыдьаайан Күндэ күөлбүт кытыытыгар Көмүс сомоҕо хатырыктаах Күллүргэччи оонньоото. С. Васильев Күндэ маҥан - маҥан, ыраас хааннаах. Θ Белый, без единого пятнышка. Кириилин күндэ маҥан, олус нарын сирэйдээх Чуураны иһигэр сөбүлүү көрөр. Л. Попов