Перевод с якутского
күндээр
туохтуур, даҕааһын
Нууччалыы ярко сиять, сверкать, излучать яркий свет
1 туохтуур #
Күлүмнүү тык, чаҕылый (үксүгэр күн туһунан)
Нууччалыы Ярко сиять, сверкать, излучать яркий свет (обычно о солнце)
Булчут кутаата, үйэттэн үйэлэргэ үгүс өбүгэлэрбитин өлөртөн өрүһүйбүтүҥ, өһүмэ, умуллума, күүдэпчилэн, күндээр, хараҥалыын хатыс! Далан Барыларын [көтөрдөрү, тыаны, хорууну] саататарга соруйан ылынан турардыы саппаҕа суох халлааннааҕы күн тыган күндээрэр. Эрилик Эристиин Былыта суох халлаан, күн киирэн эрэр сардаҥатыгар ордук күндээрдэ Д. Токоосоп
2 туохтуур #
Олус сырдаан көһүн (үксүн хос, дьиэ, о. д. а. иһин туһунан)
Нууччалыы Разливаться ярким светом, ярко освещаться (о внутренности комнаты, дома и т. п.)
Хаспах иһигэр ханан даҕаны сырдык киирбэтэр да, ол күөл уутуттан сыдьаай күндээрэр. Н. Якутскай Түннүк куруһуба сабыынан күндээрбитэ. В. Протодьяконов Хонуу үрдэ күнүскүлүү күндээрэ сырдаата. Биһиги сиргэ хаптайабыт С. Никифоров
3 даҕааһын #
Күлүмүрдэс, олус сырдык
Нууччалыы Блестящий, сверкающий, сияющий. 1967 сыллаах дьылга бу Саха сиригэр буор сыбахтаах, муус түннүктээх балаҕан дьиэни биири даҕаны көрүөхпүт суоҕа: күндээр таас түннүктээх, кырааскалаах муосталаах нуучча дьиэтэ туругуруоҕа
Лена күндээр үөһүгэр Үөр хоптолор тыҥкыныыллар, Тугу эрэ хаһан эрэ Сүтэрэн аһыйаллар. И. Гоголев Бу сир хара мас тыалаах, алаадьы алаастаах, күндээр уулаах үрэхтээх, собо балыктаах күөллээх П. Аввакумов