ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күнүскү

даҕааһын

Нууччалыы дневной, обеденный

English daytime

1 даҕааһын #

Күн ортотунааҕы

Нууччалыы Дневной, обеденный

  • Хамначчыт Харытыана эрэйдээх уу баһа барыан иннинэ хотуннаах тойонугар күнүскү чэйдэрин бэлэмнээн баран: "Чэ, чэйгитин иһиҥ", - диэбитэ.
    П. Ойуунускай
  • Бииктэр Тыаһыты кытта сэргэстэһэн иһэн Тоҕой Сэлэ күннээх күнүскү салгынын, кымыс курдук ыйырбахтыыр.
    Л. Попов
  • Уу-чуумпу. Ол үрдүнэн күнүскү аһылыктан киэһэ биир да кырдьаҕас үлэтигэр тахсыбата
    И. Сосин

2 этии #

Нууччалыы Дневной, обеденный перерыв на сенокосе

  • Күнүскү омурҕан - от үлэтигэр күнүс аһыыр кэм Күнүскү омурҕан саҕана Ипатий Ханчыыһап уонна Лука Иванов хааллылар.
    М. Доҕордуурап
  • Буолла күнүскү омурҕан, Табахтааһын, айдаарсыы.
    Баал Хабырыыс
  • Күнүскү ыам (ынах) - күнүс ынах ыанар үлэтэ (үксүн сайыҥҥы кэмҥэ). Θ Дневной удой (обычно в летнее время). Бастаан кэллэхтэрин утаата, күн аайы биир кырдалга мустаннар, күн уоттаныаҕыттан күнүскү ыам бүтүөр диэри үҥкүүлүүллэрэ, ыллыыллара.
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (3)
  • Ийэлэрэ күнүскү ынахха тахсыбытын кэннэ, Чүөчээски малын-салын барытын хомунна.
    Суорун Омоллоон
  • Күнүскү ыамын ыан баран Хобороос, үүттээх ыаҕайатын туппутунан киирэн, хаҥас диэки ааһар.
    А. Бэрияк
  • Күнүскү ынах ааһан эрдэҕинэ, бастакы омурҕаҥҥа муһуннулар. М. Доҕордуурап

«К» буукуба