Перевод с якутского
күрүлээ
туохтуур
Нууччалыы производить звук непрерывно падающего, извергающегося, стремящего свои возы; бурлить, клокотать
1 туохтуур #
Туох эмэ (хол., таас, уу) тохтоло суох тохтор, сүүрүгүрэр улахан тыаһын таһаар; дэбилий, оргуй
Нууччалыы Производить звук непрерывно падающего, извергающегося, стремящего свои возы; бурлить, клокотать
Паар тыаһа өрө сыыгыныыр, таастарга уу сүүрэн күрүлүүр. А. Федоров Дьиэ иһэ им-ньим, арай уокка кыра соҕус алтан чаанньык оргуйар тыаһа арааһынайдаан күрүлүүр, кулдьугунуур. Эрилик Эристиин Ону [күрбэ тааһы] анньан көрөөрү гынан эрдэхпинэ, атын таас тыаһа сууллан оройбунан күрүлээтэ, мин кирик гынан биэрдим. Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
Др. ср. др. -тюрк. күрлэн 'греметь, грохотать'; туба. күрлө 'журчать, бурлить, струиться'
2 этии #
Нууччалыы В ясный полдень
Күрүлүүр күн ортото - күн саамай үгэннээн турдаҕына Маннык күрүлүүр күн ортото хантан кыһыллар кэлэллэр ол? Н. Якутскай Өскөтө күрүлүүр күн ортото күлүгү батыһа хайыһан турдахха, инники ћ хоту, кэнники ћ соҕуруу, уҥа ћ илин, хаҥас ћ арҕаа буолуохтара. КЗА АҮө. Күрүлүүр күн ортото эмискэ бааччы хаһан да киһи үөйбэтэх-ахтыбатах суола, биирдэ да истибэтэх түбэлтэтэ буолбута. С. Курилов Күрүлүүр күнүс - күн ортото, саамай сырдык кэмҥэ. Θ Средь бела дня. Күрүлүүр күнүс буолуор диэри сеялкаларын кытта бодьуустаһа сырыттахтара. П. Егоров
Өссө холобурдар (1)
Сорох харса суохтар, олбуордарыгар элиэ чугаһаатаҕына, дэриэбинэ ортотугар күрүлүүр күнүс саанан ытыалыыллар. И. Сосин