ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күрүс

туохтуур, даҕааһын

Нууччалыы бороться за что-л., отстаивать что-л. перед кем-л. [Ап-чарай:] Сир үрдүгэр хара дьуоҕа бадараантан айыллыахпыттан сырдыгы, кэрэни, үчүгэйи кытта күрсэбин, хатыһабын

I

1 туохтуур #

Туох эмэ туһугар туруулаһан көмүскэс, охсус

Нууччалыы Бороться за что-л., отстаивать что-л. перед кем-л. [Ап-чарай:] Сир үрдүгэр хара дьуоҕа бадараантан айыллыахпыттан сырдыгы, кэрэни, үчүгэйи кытта күрсэбин, хатыһабын

  • Көҥүл, эйэ иһин күрсэҥҥин, Утуйар уугун да умун! Эллэй. Бэйэлэрин үрдүк сыалларын ситиһэр туһугар кинилэр тыйыс айылҕалыын күрсэллэр, ыарахаттары, күчүмэҕэйдэри утары күүстэрин харыстаабакка охсуһаллар.
    ХС
  • Ср. тюрк. күрэш 'бороться, сражаться'
II

2 даҕааһын #

Тохтоон баран эмискэ күүһүрэн кэлэр (тыал туһунан)

Нууччалыы Резко усиливающийся, порывистый (о ветре)

  • Күрүс тыал балаһата сиртэн кураанах сэбирдэхтэри хабан ылан эргичитэн кулахачыппыта.
    Далан
  • Күрүс тыалга долгуннуран Күөх ача симириктиир, Күн толбонун туора уобан Күөл үрдэ килбэчиҥниир.
    С. Руфов
  • [Балыксыты] күрүс тыал охсон, арыычча уйуттар
    В. Миронов

3 этии #

Нууччалыы Непрекращающийся, постоянный

  • Биир күрүс - биир кэм тохтообот, быстыбат Онтон бандьыыттар сааларын тыаһа эмиэ элбээн барда, сороҕор биир күрүс дорҕоон буолан, томороон улахан кыыллыы орулаан ылар.
    Амма Аччыгыйа
  • Сыарҕа хоҥунна уонна биир күрүс санньылҕаннаах ырыатын кыыкынаппытынан барда. Уустаах Избеков. Биһиги бары даҕаны биир күрүс үлэлээх дьоммут ћ күн тура-тура маһы кытта өрө тустан тахсабыт. С. Федотов

«К» буукуба