Перевод с якутского
күтэр
аат тыл
Нууччалыы водяная крыса, водяная нутрия
English muskrat
1 аат тыл #
Уу кытыытыгар сымнаҕас буордаах сиргэ олохсуйар кутуйах бииһэ, кэрбээччи
Нууччалыы Водяная крыса, водяная нутрия
Кини быйыл сайын сүүрбэ биэс күтэри өлөрүөх тустаах.
Суорун ОмоллоонКүтэр мэлдьи үрэх, күөл кытыытыгар сылдьар. Аһылыга - от төрдө, кэйигэс уга эҥин. Е. Макаров Быйыл күһүөрү сайын күтэр ууттан тэйиччи үрдүк сиргэ типтэ, онон эһиил уулаах саас кэлэр буолла. ХС
Өссө холобурдар (1)
Ср. уйг. күскү 'крыса'; тат. күсэ 'крыса'. Тэҥн. бурҕаа II
2 этии #
Күтэр кутуруга бот. - сэбирдэҕэ суох уһун синньигэс умнастаах, төбөтүгэр кыра кугас өҥнөөх куоластаах уу кытыытыгар үүнэр от Бааһына култуураларыттан ураты бурдуктуҥулар кэргэннэригэр араас оттор, холобур, ача, күтэр кутуруга, сиэллээйи (ковыль) уо. д. а. үгүстэр киирэллэр. КВА Б. Толоон үүнээйитин арааһа үгүс. Кинилэр истэригэр сүөһү сиир сыаналаах отторо, холобур, күтэр кутуруга бааллар. КЗА АҮө
Нууччалыы Болотница, тимофеевка