Перевод с якутского
күҥкүй
туохтуур
Нууччалыы прокисать; преть
1 туохтуур #
Уһуннук бүтэй, сылаас сиргэ сытан, сытыйа бус, аһыйбыт сыты таһаар (хол., инчэҕэй, сииктээх от туһунан)
Нууччалыы Прокисать; преть
Охсуллан, кырбанан баран өр сыппыт күөх маасса күҥкүйэр, саамай наадалааҕа - каротина элбэхтик сүтэр. ЯАМ ҮүСС. Сииктээх сиэмэ күҥкүйэр, онон табаарынай хаачыстыбата тосту намтыыр. СОТ. Тоҥ сиилэһи, турунуопуһу хотон иһигэр туттахха, уокка ириэрдэххэ, түргэнник сылыйар уонна күҥкүйэр, оттон уһуннук туттахха - сытыйар ҮүТФҮК
2 туохтуур #
Куһаҕан сытынан аҥылый
Нууччалыы Издавать, распространять зловонный, спертый запах, вонять
Ньирэйдэрин тириитин имитээри, Өлөөнө сааскы күстэх ойоҕоһун сыатын мунньан аҕыныахтаабыта аҕырбыт сытынан күҥкүйэр. Н. Якутскай Кыараҕас балаҕан иһэ киһи тыына ыгыллар гына күҥкүйбүт. В. Короленко (тылб.)