Перевод с якутского
күүгэн
аат тыл
Нууччалыы пена.
1 аат тыл #
Убаҕас үрдүгэр тахсар салгын эбэтэр ханнык эмэ газ хабахтара
Нууччалыы Пена. Оргуйа турар миин күүгэнэ. Үрүҥ күүгэн күппээрис-тунаарыс буолла, ирим-дьирим өрө оргуйда. П. Ойуунускай. Мотуордаах оҥочо Күндэлини икки аҥыы тэлэ сүүрэн иһэр, оҥочо тумсугар үрүҥ күүгэн өрүкүйэр. Л. Попов. Сүөдэйбит улахан оһоххо икки обургу соҕус солуурга эт буһан үрүҥ күүгэнинэн ыһыахтанар. Н. Якутскай. Үөһэттэн көрдөххө, уу күүгэнэ ахса биллибэт үрүҥ холууп үөрүгэр маарынныыр. "ХС". Ср. бур. хөөһэн 'пена'
2 этии #
Нууччалыы Соотв. с пеной у рта
Күүгэн айах кэпс. - омуннаан, күүрдэн кэпсиир киһи Тыҥатын күүгэнэ баранна - наһаа түргэнник сүүрэн, олус аҕылаата; олус саҥаран сылайда. Θ Быстро выдыхаться, быстро уставать (букв. пена его легких кончилась). Тыҥам күүгэнэ бараныар диэри кэпсээтим. Хабытчаарап сыыры дабайа бырдааттанарыгар, тыҥатын күүгэнэ баранар. Е. Неймохов Барахсан тыҥатын күүгэнэ баранан ситтэрдэҕэ. В. Иванов
Өссө холобурдар (1)
Степа ийэ-хара көлөһүнэ тоҕо түһэн таҥаһа этигэр хам сыстан хаалыар, тыҥатын күүгэнэ баранан, мэктиэтигэр, айаҕын иһэ симэһин амтаннаныар диэри сүүрэр. "ХС"